Адыаччы орто оскуолатын кэлэктиибэ Саҥа дьыллааҕы флешмоб бэлэхтиир (ВИДЕО)

Share

Үөһээ Дьааҥы улууһун В.С.Чириков аатынан Адыаччы орто оскуолатын кэлэктиибэ Саха сирин олохтоохторун, биир дойдулаахтарын, идэлээхтэрин Саҥа дьылынан флешмоб үҥкүүнэн эҕэрдэлиир.

Учуутал, тиэхэньиичэскэй үлэһит диэн арахса барбакка, эдэрдиин-эмэнниин бары биир киһи курдук кыттыбыттара флешмобу өссө киэргэтэр, кэлэктиип көхтөөҕүн, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыырын туоһулуур.

Хаартыска: О.С.Бочарова.

Флешмоб ааптара, Адыаччыга “Земскэй учууталынан” тиийэн аангылыйа тылын үөрэтэр Оксана Бочарова бу курдук кэпсиир:

— Быйыл саас, сайын, күһүн уонна кыһын кэлэктиибинэн хаартыскаҕа түһүөххэ, үҥкүүтэ туруоруохха диэн былааннаммыппыт. Бу төрдүс бүтэһик үҥкүүбүт буолар. Уопсайынан, оскуола үлэһиттэрэ тыаҕа сынньанарбытын сөбүлүүбүт, бары бииргэ тутуспутунан сылдьабыт. Үөһээ Дьааҥы олус кырасыабай айылҕалаах улуус, дириҥ устуоруйалаах сирдэр бааллар.

Кэлэктиип олус көхтөөх. Учууталлар атын оскуолаларга педагогическай десант тэрийэбит, аһымал кэнсиэрдэри оҥоробут. Кэнсиэртэн киирбит үбү элбэх оҕолоох ыалларга көмө быһыытынан туттарабыт.

Кэлэн иһэр Саҥа дьылынан Саха сирин олохтоохторун ыраах Адыаччыттан эҕэрдэлиибит уонна кыһыҥҥы үҥкүүбүтүн бэлэх уунабыт!

What’s your Reaction?
+1
39
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Быһаҕынан анньыллан балыыһаҕа киирбит

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу түөрт түбэлтэтэ тахсан, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар ылылынна. Нам улууһугар Бүтэй…

40 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Энэргиэтик күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Бүгүн Энэргиэтик күнэ бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күнүнэн Ил Дархан Айсен Николаев энэргэтиичэскэй тиһик үлэһиттэрин, бэтэрээннэрин…

58 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Гаврил Алексеев: “Уот ситимэ арахсара аҕыйаата”

Элэктэриичэстибэ  уотуттан, ититииттэн биһиги олохпут быһаччы тутулук­таах. Онон, Саха сирин курдук тыйыс усулуобуйалаах дойдуга энэргиэтикэ …

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Элгээйигэ — дуобат күрэҕэ

Бу күннэргэ Сунтаар улууһун Элгээйи нэһилиэгин Уйбаан Нуолур аатынан модельнай бибилэтиэкэҕэ үгэс буолбут сылын аайы…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, ахсынньы 22 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруулуу-илин, соҕуруу өттүгэр кыралаан хаардыаҕа, киин оройуоннарга сорох сиринэн…

3 часа ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Харыйата  буолан ааста

Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…

14 часов ago