Салгыы
Адьырҕаны кытары көрсүһүү түбэлтэтэ элбээтэ

Адьырҕаны кытары көрсүһүү түбэлтэтэ элбээтэ

23.05.2024, 18:25
Хаартыска: russian7.ru
Бөлөххө киир:

Саха сирин олохтоохторо тыатааҕы курдук адьырҕаны көрөллөрө элбээн иһэр. Онон олохтоохтору нэһилиэнньэлээх пуунтан тэйиччи сынньана бараргытыгар сэрэхтээх буоларга ыҥыраллар.

Ол курдук, ыам ыйыгар Алдан улууһугар суоппардар массыына суолун устун сүүрэ сылдьар эһэни, Чульман таһыгар үс эһэни бииргэ көрбүттэрэ. Олохтоохтор өссө бу оройуоҥҥа биир састаах эһэ оҕото баарын туһунан биллэрбиттэрэ. Мииринэй улууһун Полярнай  аэропорт оройуонугар бөдөҥ эһэ сылдьара этиллэр. Өссө да атын түбэлтэлэр бааллар.

СӨ булка уонна бултуур сирдэри харыстааһыҥҥа департамент салайааччыта Владимир Решетников иһитиннэрбитинэн, сыл саҕаланыаҕыттан 25 быһаарыы ылыллыбыт.

Саха сирин олохтоохторун куорат таһыгар тахсарга, ойуурга сынньана барарга сэрэхтээх буоларга ыҥыраллар. Төрөппүттэр оҕолоро ханна сылдьалларын хонтуруоллуохтаахтар. Сыл бу кэмигэр тайҕа хаһаайынын кытары көрсүһүү олус кутталлаах, сэрэхтээх.

russian7.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: