Хаартыска: russian7.ru
Саха сирин олохтоохторо тыатааҕы курдук адьырҕаны көрөллөрө элбээн иһэр. Онон олохтоохтору нэһилиэнньэлээх пуунтан тэйиччи сынньана бараргытыгар сэрэхтээх буоларга ыҥыраллар.
Ол курдук, ыам ыйыгар Алдан улууһугар суоппардар массыына суолун устун сүүрэ сылдьар эһэни, Чульман таһыгар үс эһэни бииргэ көрбүттэрэ. Олохтоохтор өссө бу оройуоҥҥа биир састаах эһэ оҕото баарын туһунан биллэрбиттэрэ. Мииринэй улууһун Полярнай аэропорт оройуонугар бөдөҥ эһэ сылдьара этиллэр. Өссө да атын түбэлтэлэр бааллар.
СӨ булка уонна бултуур сирдэри харыстааһыҥҥа департамент салайааччыта Владимир Решетников иһитиннэрбитинэн, сыл саҕаланыаҕыттан 25 быһаарыы ылыллыбыт.
Саха сирин олохтоохторун куорат таһыгар тахсарга, ойуурга сынньана барарга сэрэхтээх буоларга ыҥыраллар. Төрөппүттэр оҕолоро ханна сылдьалларын хонтуруоллуохтаахтар. Сыл бу кэмигэр тайҕа хаһаайынын кытары көрсүһүү олус кутталлаах, сэрэхтээх.
russian7.ru
Бүгүн, балаҕан ыйын 18 күнүгэр, Үөһээ Дьааҥы, Өймөкөөн, Өлөөн, Мииринэй, Эдьигээн оройуоннарыгар инчэҕэй хаар түһэрэ…
Өлүөнэни туоратар муостаны тутуу бигэргэммит кыраапыгынан ыытыллар. Генеральнай бэдэрээтчит уонна бэдэрээтчит тутар-таҥар үлэ комплексын хааччыйаллар.…
“Саха сирэ – Дьоруойдар дойдулара” – билиини уонна уопуту туһанарга уочараттаах хардыы, диир байыаннай дьайыы…
“Саха “ГТРК “Быһа биэрии” биэриитин эпииригэр Айсен Николаев буолан ааспыт олохтоох салайыныы уорганнарын түмүгүн туһунан…
Быйыл сайын Эбээн Бытантай улууһун Дьарҕаалааҕар от үүнүүтэ мөлтөҕүн да иһин, сүөһүлээх-астаах тыа ыаллара сыл…
Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһугар толору оту тиэммит массыыналар "Халыма" федеральнай айан суолунан Өймөкөөн улууһун туһаайыытын…