«Аэрофлот» АХ Дьокуускайтан — Москваҕа диэри быһа көтүүнү сөргүттэ
Алтынньы 14 күнүттэн «Аэрофлот» авиахампаанньа Дьокуускай — Москва — Дьокуускай хайысхатынан быһа көтүүнү сөргүтэр. Бу туһунан СӨ Тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
Рейстэр нэдиэлэҕэ 3 оҥоһуллуохтара: бэнидиэнньиккэ, бээтинсэҕэ уонна субуотаҕа. Дьокуускайтан сөмөлүөт 13.50 чаастан көтөр, Москваҕа күнүс 14.50 чааска тиийэр.
Туһааннаах хайысханан субсидиялаах тарыыптар бааллар (23 саастарыгар диэри, биэнсийэлээхтэргэ, инбэлииттэргэ, элбэх оҕолоох төрөппүттэргэ). Маны таһынан Уһук Илин эрэгийиэн олохтоохторугар сааһынан хааччахтааһына суох чэпчэтиилээх билиэттэр атыыланаллар.
Алтынньы 30 күнүттэн рейстэр өрөбүлтэн ураты күн ахсын көтүөхтэрэ. Дьокуускайтан 08.55 чааска көтүөҕэ.
Рейстэр Bоeing 737-800 суудунанан оҥоһуллаллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: