«Аэрофлот» сайыҥҥы өттүгэр Дьокуускайга рейс ахсаанын элбэтиэҕэ

«Аэрофлот» сайыҥҥы өттүгэр Дьокуускайга рейс ахсаанын элбэтиэҕэ

Ааптар:
02.04.2024, 11:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

«Аэрофлот» АХ  иһитиннэрбитинэн, сайыҥҥы өттүгэр Уһук Илин  куораттарыгар Москваттан рейс ахсаана элбиэҕэ. 

Бэс ыйыттан саҕалаан «Аэрофлот» уонна кини алын сүһүөх тэрилтэтэ  «Россия» АХ  Уһук Илиҥҥэ  нэдиэлэ ахсын 146  рейси оҥоруоҕа. Бу ааспыт сыллааҕар  12%  улахан.

Ол курдук Москваттан Уһук Илин куораттарыгар нэдиэлэ ахсын:

  • Владивосток —  18 рейстэн 27-ҕэ диэри (ыам ыйын бырааһынньыктарыгар) итиэннэ сайыҥҥы өттүгэр  —  42 рейс;
  • Хабаровскай — 15 рейстэн 20-ҕэ диэри  (ыам ыйын бырааһынньыктарыгар) итиэннэ сайыҥҥы өттүгэр — 29;
  • Петропавловскай-Камчатка  —  7 рейстэн 9-ка диэри (ыам ыйын бырааһынньыктарыгар) итиэннэ сайыҥҥы өттүгэр  — 24;
  • Южно-Сахалинскай —  8 рейстэн  10-ҥа диэри (ыам ыйын бырааһынньыктарыгар) итиэннэ сайыҥҥы өттүгэр — 20;
  • Магадан —  4 рейстэн 6-ҕа диэри  (ыам ыйын бырааһынньыктарыгар) итиэннэ сайыҥҥы өттүгэр — 12 ;
  • Дьокуускай  —  6 рейстэн 12-гэ диэри сайыҥҥы өттүгэр;
  • Благовещенскай — 3 рейстэн 4-кэ диэри ыам ыйын бырааһынньыктарыгар  итиэннэ сайыҥҥы өттүгэр;
  • Анадырь —  2-тэн 3-кэ диэри сайыҥҥы өттүгэр.

Москваттан Уһук Илин куораттарыгар быһа рейстэри таһынан,  «Аэрофлот» АХ бөлөҕө  Красноярскайтан Владивостокка, Хабаровскайга, Благовещенскайга, Магадаҥҥа, Дьокуускайга, Читаҕа, Мииринэйгэ уонна  Нерюнгригэ рейстэри оҥорор былааннаах.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -21°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: