Аэрофлот туйгуна

Share

Хоту улуустар олохтоохторугар таһаҕаһы тиэйии билигин даҕаны болҕомто киинигэр тутуллар боппуруоһунан буолар. Ол саҕанааҕы кэмнэргэ “Индигирка” авиа-хампаанньа тэриллибитин иһин дириэктэр Константин Григорьев аатын билиҥҥэ диэри махталынан ааттыыллар.

Бүгүн Константин Григорьев туһунан киэн туттан кэпсиэхпин баҕарабын. Кини оҕо сааһа Бүлүү эбэни кытта сибээстээх, сэттис кы­­лаастан мотуруоһунан үлэлээбитэ. “Дятел” теплоходка сайын аайы устубута. Төһө да сэрии кэннинээҕи уолаттар курдук тыаҕа моҕотойу сырыс­тар, куруук кыырай халлааны көрөрө уонна көтүөн олус баҕарара. Онон Дьокуускай куорат иккис оскуолатын бүтэрэн, Иркутскайдааҕы авиационнай-тиэхиньиичэс­кэй училищеҕа киирбитэ. Бу үөрэх кыһатын кэнниттэн Дьокуускайдааҕы холбоһуктаах авиа-этэрээккэ авиатиэхиньигинэн үлэлээбитэ.

1970 сыллаахха кини Кировоградскайдааҕы үрдүкү летнай училищеҕа “ИЛ-14” сөмөлүөккэ борт мэхээнньигэр үөрэммитэ. Ол иһин киниэ­хэ биир бастакынан “ЯК-40” реактивнай сөмөлүөтү ирбэт тоҥ усулуобуйатыгар көтүтэргэ итэҕэйбиттэрэ. 271-с көтөр этэрээккэ бастакы кылаас­таах бортмэхээнньик буола үүммүтэ. Онон кинини “ЯК-40” суудунаҕа бортмэхээнньик-инструкторынан анаабыттара. Ити түмүгэр 20 тахса эдэр уолаттары идэтигэр уһуйбута.

Таһаарыылаах үлэтин иһин 1994 с. “Аэрофлот туйгуна” буолбута. 1999 с. саахала суох көтүүтүн иһин түөскэ кэтиллэр бэлиэнэн наҕараадаламмыта. Константин Павлович 29 сыл көппүтэ, итинтэн 17 сыл команднай-летнай састаапка үлэлээбитэ.

2000 сылтан 2005 сылга диэри хампаанньа нэһилиэктэргэ санитарнай, пассажирдары таһар рейстэри, “күөх рейс­тэри” толорбута.

Ыарахан 90-с сылларга сэбиэскэй экэниэмикэ ыһыллан, дьоҕус авиация сэдэхтик көтөр буолбута. Ол хоту дойду улуустарын олохторугар-дьаһахтарыгар күчүмэҕэйдэри үөскэппитэ. Этэргэ дылы, халлааҥҥа сөмөлүөт көтөр тыаһа да иһиллибэт буолан, дьон кыһыҥҥы суолунан массыынанан, сорох төрөөрү сылдьар дьахталлар сатыы да айанныыр түгэннэрэ баара. Ол ыарахан кэмнэргэ бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Николаев Халыма-Индигир уокуругар “Индигирка” авиахампаанньаны тэрийэргэ сорудахтаабыта. Муома улууһун баһылыга Семен Сукуев бу хампаанньа тэриллиитигэр бары кыаҕын-сатабылын уурбута. Кини Константин Павлович Григорьевы бу хампаанньа генеральнай дириэктэринэн анаабыта.

2000 сылтан 2005 сылга диэри хампаанньа нэһилиэктэргэ санитарнай, пассажирдары таһар рейстэри, “күөх рейс­тэри” толорбута, хочуолунайдарга саахал таҕыстаҕына сантехниктары, сыбаарсыктары нэһилиэктэргэ тиэрдэрэ, көмүс хостуур артыалларга хостооччулары уонна балыксыттары, табаһыттары тиэйбитэ.

Константин Павлович авиатордар династияларын төрүттээбитэ. Кыыһа Любовь Константиновна “Якутия” авиа­хмапаанньаҕа бортпроводницанан үлэлиир. Сиэнэ Ковлякова Ольга Семеновна эмиэ бортпроводница. Хос сиэнэ Костик хос эһэтин курдук лүөччүк буолар баҕалаах.

Аатырбыт авиатор эдэр эрдэҕиттэн успуордунан үлүһүйбүтэ. Саха АССР, Сибиир уонна Уһук Илин чөмпүйүөнэ, ыччат ортотугар Арассыыйа Федерациятын финалиһа уонна улахан дьон ортотугар “Спартак”призерунан буолбута. Буоксаҕа Сэбиэскэй Сойуус успуордун маастара.

Кини “СӨ тырааныспарын үтүөлээх үлэһитэ” бочуоттаах ааты ылбытынан киэн туттабыт. Аҕыйах хонуктааҕыта “Дойду гражданскай авиациятын 100 сыла” түөскэ кэтиллэр бэлиэнэн наҕараадаламмыта даҕаны кини үтүөтүн-өҥөтүн кэрэһилиир.

Александра Петрова

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Саха сиригэр булчуттар сүттүлэр

СӨ Быыһыыр сулууспата түөрт эр киһини көрдүүр. Бу туһунан тэрилтэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Ол курдук, ыйтан…

24 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ньурба хорсун байыаһа Андрей Григорьев өстөөх ыскылаатын эстэрбитин туһунан Айсен Николаев интервьюга кэпсээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев аан дойдуга хорсун быһыытынан биллибит Ньурба байыаһа Андрей Григорьев туһунан "Комсомольская…

50 минут ago
  • Быһылаан

Кырдьаҕастар дьиэлэригэр олорор киһи өлбүтүнэн борокуратуура бэрэбиэркэтэ саҕаланна

Дьокуускай куорат борокуратуурата интэринээт-дьиэҕэ олорор эр киһи өлбүтүнэн бэрэбиэркэни саҕалаата диэн надзорнай уорган пресс-сулууспата иһитиннэрэр.…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Уопсастыба

Орто Халымаҕа оҕолордоох массыына сүппүтүн туһунан иһитиннэрбиттэр

Бүгүн, тохсунньу 5 күнүгэр, Орто Халыма улууһугар оҕолор олорсон испит массыыналара сүппүтүн туһунан СӨ Быыһыыр…

2 часа ago
  • Сонуннар

32 саастаах баахта үлэһитэ үгээрдээн өллө

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр сэттэ буруйу оҥоруу буолбутун туһунан СӨ борокуратуурата иһитиннэрэр. Дьокуускайга 53 саастаах…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Хойуу туман тыҥаҕа буортулаах

Хойуу туманнаах тымныы киһи доруобуйатыгар хайдах дьайарый? 40 кыраадыс тымныыттан саҕалаан, дьон тоҕуоруһан олорор нэһилиэнньэлээх…

2 часа ago