«Аэрофлот» оҕолорго 50%-наах чэпчэтиини киллэрдэ
Арассыыйаҕа «Аэрофлот» авиахампаанньа 2-тэн 12 саастарыгар диэри оҕолорго 50% чэпчэтиини олохтоото. Бу туһунан авиахампаанньа пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«Аэрофлот оҕолор авиабилеттарын атыылаһыыга эконом тарыыпка 50% чэпчэтии олохтуур», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр. Пресс-сулууспа чахчыларынан, чэпчэтии 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн көтүүлэргэ оҥоһуллуоҕа. Хампаанньаҕа бэлиэтииллэринэн, РФ гражданнарыгар SU кодтаах рейстэригэр чэпчэтии көрүллэр.
Субсидияламмыт билиэттэр уонна атын судаарыстыбаннай чэпчэтиилэр эрдэ олохтоммут кээмэйдэринэн оннунан хаалларыллар. Ахсынньы 23 күнүгэр диэри атыылаһыллыбыт билиэттэргэ чэпчэтилэр туһаныллыбаттар.
Санаттахха, бу сыл ахсынньы 19 күнүгэр дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһа эпииргэ дойду авиахампаанньаларыттан 50% чэпчэтии олохтуурга сорудахтаабыта. Судаарыстыба баһылыга бу проблеманы 2025 сылга тохсунньу 14 күнүгэр хойутаабакка быһаарыллыахтааҕын бэлиэтээбитэ. Ону сэргэ чэпчэтиилээх тарыыптары манипуляциялааһыны тохтоторго модьуйбута.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: