Афанасий Андросов: «Хаачыстыбалаах маастар-былаан ирдэнэр»
Бу күннэргэ Ил Дархан Айсен Николаев Москваҕа оробуочай сырыытын кэмигэр РФ Арктическай зонатын тирэх пууннарыгар киирбит «Тиксии — Найба» агломерация маастар-былаанын оҥорууга туһуламмыт сүбэ-мунньаҕы ыыппыта.
Мунньахха маастар-былааны оҥорор «ДОМ.РФ» АУо, «Сибирская лаборатория урбанистики» ХЭУо, СӨ министиэристибэлэрин уонна биэдэмистибэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ылбыттара.
Булуҥ улууһун баһылыга Афанасий Андросов улуус сайдыытыгар хаачыстыбалаах маастар-былаан наадатын этэр.
— Ил Дархан Айсен Николаев туһаайан ыйбыт хайысхалара, чуолаан дьон олоҕун таһымын үрдэтиигэ олорор дьиэлэри, оскуолалары, балыыһалары тутуу улахан суолталаахтар. Биһиги оройуоммут Хотугу муора суолун сайдыытыттан тутулуктааҕын учуоттуохтаахпыт. Муус устар 1 күнүттэн Хотугу таһаҕаһы тиэйии туһунан федеральнай сокуон олоххо киирдэ. Бу иннинэ Ил Дархан арктическай территориялары сайыннарыыга стратегическай суолталаах ыйаахтара тахсыбыттара. Онон, федеральнай киинтэн уонна өрөспүүбүлүкэ салалтатыттан агломерацияны сайыннарыыга болҕомто уурулларын көрөбүт, — диэн улуус баһылыга Афанасий Андросов «Маяк Арктики» хаһыакка кэпсээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: