Салгыы
Афанасий Егоров: «Сахам сирин дьонугар, волонтердарга улахан махталбын тиэрдэбин»

Афанасий Егоров: «Сахам сирин дьонугар, волонтердарга улахан махталбын тиэрдэбин»

05.11.2024, 15:15
Сайаана Львова хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Фашизмы утары пуорум чэрчитинэн элбэх тэрээһин ыытыллар. Сүдү суолталаах тэрээһиҥҥэ илиҥҥи байыаннай уокуруктан 25 байыас кэлэн кытта сылдьар. Олортон биирдэстэринэн танковай батальон 38-с биригээдэтин байыаһа Афанасий Егоров буолар.

Кини Фашизмы утары пуорум уонна байыаннай дьайыыга кыттыытын туһунан бу курдук кэпсиир:

— Байыаннай дьайыыга 2022 сыл бэс ыйыттан сылдьабын. Бастаан пехотаҕа сылдьыбытым, оттон танкистарга көспүтүм. Этэҥҥэ сылдьабыт, дойдубут кэһиитин, гуманитарнай көмөтүн мэлдьи тутабыт. Сахам сирин дьонугар, волонтердарга улахан махталбын тиэрдэбин. Аны туран, эбиитин дьоммутугар эмиэ көмөлөһөллөр. Онон улууспут, нэһилиэкпит салалтатыгар, олохтоохторугар эмиэ махталбыт улахан.  Ил Дархаммытыгар Айсен Николаевка эмиэ махтаныа этибит, кини тиһигин быспакка тиийэн биһигини көрсөр, өрөспүүбүлүкэ өттүттэн улахан көмөнү оҥорор. Биһиги бу пуормуҥа кытта кэлбит байыастар салгыы уоппускаҕа хаалан, сынньанан баран төттөрү барыахтаахпыт.

Бу Фашизмы утары пуорум олус улахан суолталааҕын дьон өйдүөн наада. Биһиги ким, туох туһугар байыаннай дьайыыга сылдьарбытын, фашизм диэн тугун дьон-сэргэ, үүнэр көлүөнэ билиэхтээхтэр. Биһиги эһээлэрбит Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыайыыны уһансыбыттара, биһиги билигин эмиэ кинилэр курдук дойдубут иһин байыаннай дьайыыга кытта сылдьабыт. Кылаабынайа, дьон сыыһа өйдүө суоҕун наада. Бу тэрээһин сыалынан фашизм кутталы үөскэтэрин боростуой дьоҥҥо өйдөтүү уонна неофашизмы утары көдьүүстээх дьаһаллары ылыныы буолар.

+1
3
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: