Афанасий Фёдоров: «Дьокуускай куорат баһылыгын талар саҥа ньыма көдьүүһү эрэ аҕалыаҕа»
Дьокуускайга буолбут «Об общих принципах организации местного самоуправления в единой системе публичной власти» федеральнай сокуон барылын дьүүллэһии демократическай процедура буолар. Оттон норуот дьокутааттара киллэрбит уларытыылара үчүгэй эрэ дьайыылаах буолуоҕа. Бу туһунан Дьокуускай куорат Уопсастыбаннай балаататын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Афанасий Федоров эттэ.
«Олохтоох бэйэни салайыныы көдьүүһүн үрдэтэр хайысха туһунан сокуону дьүүллэһии дойду үрдүнэн бара турар. Бу боппуруос олус суолталаах, тоҕо диэтэххэ былаас алын сүһүөҕэр салайар систиэмэ инниктин быһаарар. Биһиги Бэрэсидьиэммит чопчу бэлиэтээбитин курдук, дьон олоҕун хаачыстыбата быһаччы тутулуктаах. Ол иһин Дьокуускай куораттааҕы дуумата уонна уопсастыбаннас бу дьүүллэһиигэ кыттыспыттара сөптөөх. Маннык ырытыы дьиҥнээх демократическай бириинсиптэр уонна демократия көстүүтэ буолар. Баһылык быыбарын саҥа көрүҥэр көһөр туһунан эттэххэ, кинилэри Ил Дархан этиитинэн дьокутааттар талыахтара диэн, бу 2020 сыллаахха норуот куоластааһынынан ылыллыбыт Төрүт Сокуоҥҥа уларытыылары кытта толору сөп түбэһэр. Олохтоох бэйэни салайыныы былаас систиэмэтин сорох чааһынан буолан эрэр. Бу Саха сиригэр көдьүүһү эрэ аҕалыа», — диэн эттэ Афанасий Фёдоров.
Дьокуускай куорат баһылыгын быыбарын саҥа көрүҥэр көһөргө куорат дьокутааттара тыл эттилэр. «Төгүрүк остуолга» дьүүллэһиигэ Ил Түмэн, куорат Дууматын дьокутааттара, Дьокуускай куорат уонна өрөспүүбүлүкэ уопсастыаннай балааталара уонна уопсастыбаннай бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.
Ааптардар эппиттэринэн дойду үгүс административнай кииннэригэр баһылыгы быһаччы талыыттан аккаастаннылар диэн бэлиэтээтилэр. Дьокуускай саҥа систиэмэҕэ киирэ илик дойду түөрт куоратыттан биирдэстэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: