Афанасий Махатыров: “Дойдубут интэриэһэ көтөҕүллүбүтэ биһигиттэн улахан эппиэтинэһи эрэйдэ”
“Хоту Тент” тэрилтэ ханнык баҕарар эрэгийиэнтэн сакаасчыт баҕатынан сирдэтэн, онно баар килиимэккэ, айылҕа усулуобуйатыгар сөп түбэһэр табыгастах табаардары оҥорон таһаара олорор. Камчатка, Сахалин, Архангельскай, Мурманскай уо.д.а. эрэгийиэннэрэ буоллуннар, кинилэр килиимэттэригэр сөп түбэһэр аналогы оҥоро үөрүйэх, уопуттаах.
“Холобур, Финляндияттан сакаастаабыттара. Онно кинилэр Финскэй залив сииктээх эрээри, тымныы буолбатах сиригэр-уотугар илдьэ сылдьарга, саамай сүрүнэ, сииктэн, сииктээх сөрүүн килиимэттэн харыстыахтаах табаары сакаастыыр санаалаахтарын эппиттэрэ. Онно ол таба түүтэ барсыбата чуолкай: түү сииги оборон ыйааһына ыарыыр, кууран быстыбат уо.д.а. Быһатын эттэххэ, ханнык баҕарар эрэгийиэн сакаасчытын баҕатын толорорго, онно эппиэттиир табаары оҥорууга кыһаллан үлэлиибит”, — диир “Хоту Тент” тэрилтэ дириэктэрэ Афанасий Спиридонович Махатыров.
— Бу кэмнэргэ анал байыаннай эпэрээссийэҕэ илдьэ сылдьарга табыгастаах утуйар мөһөөччүктэри тигиини сакаастаабыттарыттан бастакы 1 тыһыынча устууканы бэлэмнээтибит. Иккис тыһыынчаны сотору сабыахпыт. Бастаан сып-сылаас утуйар мөһөөччүгү таба түүтүнэн оҥороору гыммыппытын, оннук наадата суох диэбиттэрэ. Төһө кыалларынан, утуйарга, илдьэ сылдьарга табыгастаах, дьаһамыр уонна чэпчэки буолуохтаах диэбиттэрэ. Онон кинилэр баҕа санааларын хоту оҥоробут.
Бу оҥоруохпут иннинэ байыаннай эпэрээссийэлэргэ Чечняҕа, Афганистаҥҥа сылдьыбыт дьону кытта үлэлээммит, маннык буоллаҕына үчүгэй диэн, биир санааҕа кэлбиппит. Украина диэки бу биһиги тымныыларбыт курдук, 40-50 тымныы кыраадыска сылдьар дьон буолбатахтар, арыый ортоһуор тымныылаах сиргэ сылдьалларын учуоттуур наада. Биһиги оҥорон таһаарар мөһөөччүкпүт онно сөп түбэһэр гына дьоҕус, дьаһамыр, илдьэ сылдьарга табыгастаах. Дойдубут интэриэһэ көтөҕүллүбүтэ биһигиттэн улахан эппиэтинэһи эрэйдэ. Бу хайысхаҕа элбэх үлэни ыытабыт эрээри, билиҥҥитэ тустаах министиэристибэ кистэлэҥҥэ тутарынан кэпсиир көҥүллэммэт. Дойдуга ыарахан кэмнэргэ туһааннаах үлэбит хайысхатынан бу курдук көмөлөһөр суолу-ииһи тобулунабыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: