Салгыы
Афанасий Мигалкин: «Бүгүҥҥү олохпут оҥкула түстэммит күнэ»

Афанасий Мигалкин: «Бүгүҥҥү олохпут оҥкула түстэммит күнэ»

27.09.2024, 15:19
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

СӨ Судаарыстыбаннаһын күнүнэн сибээстээн, 12 ыҥырыылаах Саха АССР Үрдүкү сэбиэтин дьокутаата Афанасий Васильевич Мигалкин санаатын маннык үллэһиннэ:

— Сахалар XIX үйэҕэ өйдөрө-санаалара  Иван  Емельянович Мигалкин баһылыктаах Степной Дуумаларыгар үгүстүк олоҕурбута. Ол туһунан 19 үйэ ортотугар Байаҕантай  буолаһын  бас-көс киһитэ Егор  Готовцев, 19 үйэ бүтэһик сылларыгар Баатыр улууһун кулубата Егор Дмитриевич Николаев суруйбуттара. XX үйэ саҥатыгар сахалар бас-көс киһибит А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй “Саха интеллигенциятыгар суругар”,  П.А.Ойуунускай  1935 сыллаахха суруйбут  үлэтигэр эмиэ этиллэн тураллар. Онтон сүүрбэһис үйэҕэ автономнай өрөспүүбүлүкэ статуһун ылыммыппыт.  Онно М.К.Аммосов, П.А.Ойуунускай оҥорбут үтүөлэрэ үйэлэргэ умнуллубат.

Билигин  олорор олохпут тирэҕэ, оҥкула 1990 сыллаахха балаҕан ыйын 27 күнүгэр түстэммитэ.   Өй-санаа, тыл-өс, олох-дьаһах өйдөбүллэрэ онно тирэҕирэллэр. Билигин сүрүн сокуоммут — Конституциябыт 12  ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэт ылыммыт Декларациятыгар тирэҕирэр. Олохпут-дьаһахпыт оннун  булан истэҕинэ, ол  Декларацияттан кэлин тономмут сорох балаһыанньалар төннөн кэлиэхтэрэ дии саныыбын. Оччоҕуна Сахабыт сирэ өссө кыаҕырыа этэ.

Күндү   Сахам сирин олохтоохторо! Эһигини Саха сирин Судаарыстыбаннаһын күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин! Сахабыт сирэ чэчирии сайдарын туһугар ситиһиилэри баҕарабын.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: