Афанасий Николаев: «Сахалар – сытыы омукпут» (ВИДЕО)

Share

Арассыыйа уонна Украина сыһыаннарыттан аан дойду үрдүнэн балаһыанньа кытааттар кытаатан иһэр. Ону билиҥҥи буола турар сабыытыйалар барытын ырылхайдык туоһулууллар. Дьэ хайдах буолабыт диэн санаа-оноо барыбытын үүйэ-хаайа тутар. Бу айдаантан сорохтор атын сирдэргэ тэскилээбиттэрэ баар суол.   Дьэ бу билиҥҥи буола турар уустук балаһыанньа туохтан силистэнэн-мутуктанан тахсыбытын, инникибитин тымтыктанан көрөн хайдах-туох салаллан олоруохтаахпытыгар тиийэ политолог Чокуур Гаврильев “Сэмсэ санаа” анал биэриитигэр биллэр-көстөр устуорук, устуоруйа билимин хандьыдаата  Афанасий Николаевтыын кэпсэттэ.

Устуоруйа хатыланар аналлаах

– Афанасий Алексеевич, үтүө күнүнэн! Бастатан туран, билиҥҥи буолар турар быһыы-майгы туһунан кэпсэтиэххэ. Бэрэсидьиэммит Владимир Путин соторутааҕыта баар балаһыанньа туһунан дойдубут олохтоохторугар, салайааччыларыгар анаан этэригэр, идео­логическай утары турсуу баар буолан эрэрин ыйбыта. Империализм, неоколониализм диэн тыллары истибиппит. Туох дии саныыгын, итинник утары турсууга тиийбиппит ыраатта дуу, биитэр саҥа хамсааһын дуу?

– Устуоруйаҕа барыта хатыланар уонна урукку сэбиэс­кэй кэмнэр даҕаны төннөн эрэр курдуктар, Эмиэрикэ уонна Сэбиэскэй Сойуус утарсар кэминээҕи. Биллэр бэлии­тик Уинстон Черчилль «У Великобритании нет вечных союзников, есть вечные интересы”, – диэн  этэн турар. Ол аата урут-уруккуттан интэриэстэр тула улахан дойдулар киирсэллэр. Барыбыт интэриэспит атын-­атын. Владимир Путин, Арҕаа дойдулар уонна Эмиэрикэ этиибитин истибэтилэр, Украинаны күөттээн улахан сэриини тэрийээри гыммыттарын иһин анал байыаннай эпэрээссийэни саҕалаатыбыт диэн быһаарар. Кэлиҥҥи сүрүн этиитигэр барытын аһаҕастык эттэ, быһаарда. Үһүс аан дойду сэриитэ саҕаланна, арҕаа дойдулар омуктара биһигини утары туруннулар уонна Украинанан туһанан улахан сэрии саҕаланна диэн быһаарда. Онон сибээстээн мобилизация саҕаланна уонна дьон өйө-санаата уларыйыан наада диэн эттэ. Мобилизацияны хааччыйар сыалтан үлэ барар эрээри,  сыыһалар-халтылар бааллар диэн аһаҕастык билиниллиэхтээх.

Манна биири өйдүөххэ наада. Сэрии көрүҥэ уонна ньымата атын буолла. Үгүс учуонай уонна байыаннай эспиэрдэр гибриднэй диэн быһаараллар. Бу ордук иһитиннэриини (информационнай) кытта сибээстээх, билиҥҥи кэмҥэ интэриниэт, аныгы технология олус сайдан, буола турар сэрии хас биирдии киһиэхэ олус түргэнник тиийдэ.

Ол эрээри, диирбитигэр тиийэ­бит. Билигин даҕаны үгүс дьон ааспыт, былыргы үйэ өйдөбүлүнэн олороллор. Ол эбэтэр Украинаҕа эрэ буола турар сэрии диэн санаалаах, толкуйдаах элбэх. Хас биирдии киһи хайа диэки буоларын быһаарынар кэмэ субу тирээн кэллэ. Арҕаа диэки дуу, дойдутун диэки дуу?  Дьон өйүн-санаатын булкуйааччылар ыһар буор курдук элбэхтэрэ бэрт. Билиҥҥи сэрии, киирсии Аҕа дойду сэриитин курдук буолбатах. Мөлүйүөнүнэн дьону мунньубаттар, араас иһитиннэриилэр көмөлөрүнэн киһи өйүн ытыйыы барар. Дьэ ол ыты­йыы киининэн Украинаны оҥордулар. Социальнай ситимнэр көмөлөрүнэн сүүһүнэн, тыһыынчанан ааҕыллар албын-түөкэй иһитиннэриилэри (фейктэри) күүскэ тарҕаталлар. Ордук олунньуттан күүскэ саҕаланна. Хомойуох иһин, атын дойдуларга баар, тиийбит дьоммут эмиэ кытталлар. Польшаҕа, Таилаҥҥа, Казахстаҥҥа тиийбит дьон ортотугар биллэр-көстөр суруналыыс­тарбыт, блогердарбыт кытары бааллар. Араас хабааннаах күөттээһини оннооҕор сахалыы тылынан ыыталлар.

Дьону уган биэрии…

– Ааспыкка болуоссакка оһуокайы күөттээбиттэрэ чуолкай эбит, скриншоттара да ону бигэргэтэр. “Сахалыы таҥнан тахсыҥ”, “Аҕам саастаах дьону кырбаатахтарына, ону устуохпут эҥин”, – диэн соруйан күөттээбиттэр. Биир бэйэм улаханнык сонньуйбутум. Хомойуох иһин, итинник быһыы-майгы Арассыыйа үрдүнэн тахса турар.

– “Свободная Якутия” диэн анал пуонданы тэрийбиттэр. Онно Саха сириттэн биллэр суруналыыс бэрэстэбиитэл быһыытынан сылдьар. Урут Арзаева диэн араспаанньалааҕа, билигин Раиса Зубарева диэн буолбут. “Якутск вечерний” хаһыакка үлэлээбитэ. Социальнай ситимнэринэн тахсар, билигин Польшаҕа олорор. Кини Саха сирин олох­тоохторун ааттарыттан күөттээһини тэрийэр. Социальнай ситимнэринэн ыйыы-кэрдии, быһаарыы (инструкция) бөҕөтүн таһаараллар, дьону онно-манна ыҥыраллар. Бу – дьону уган биэрии диэн буолар. Ол эрээри, дьон ити хамсааһыннар ис дьиҥин тута өйдүүр, иккис ыҥырыытыгар ким даҕаны тахсыбатаҕа. Итинниктэргэ киирэн биэриэ суохтаахпыт.

Цивилизациялар киирсиилэрэ

– Самуэль Хантингтон  цивилизациялар киирсии­лэрэ диэн этэн турардаах. Арассыыйа, Арҕааҥҥы дойдулар, Кытай… цивилизациялара бааллар. Сотору кинилэр киирсэллэрэ буолуо диэбитэ, ол чахчы күөрэйэн таҕыста быһыылаах.

– Мин санаабар, Самуэль Хантингтон этэрэ сөп. Тоҕо диэтэххэ, бу иирсээн төрдүгэр-төбөтүгэр итэҕэл баар. Култуура уонна цивилизациялар тула киирсиилэр буола  тураллар. Ол иһин Владимир Путин кэлиҥҥи этиитигэр, сыаннастар тустарынан санатта. Арҕаа омуктар сыаннастарын биһиги адьас ылыммаппыт диэтэ уонна холуонньалааһын боппуруостарын эмиэ таарыйда. Япония да, Дьобуруопа да, төһө даҕаны сайдыбыттарын иһин Эмиэрикэ баттабылыгар олороллор диэн эттэ. Тоҕо диэтэххэ, атын дойду саллааттара эн сиргэр-уоккар хаама сылдьар буоллахтарына, хайдах да көҥүл буолар кыах суоҕун туһунан саамай сөпкө этэр. Ону сорох дьон өйдөөбөттөр. Саха сирэ көҥүл бардаҕына, дьэ байыахпыт-та­йыахпыт, Саудовскай Аравия курдук олоруохпут диэччилэр бааллар. Маннык хабааннаахтык ус­­туоруйаны уонна геобэлиитикэни билбэт дьон  тыллаһаллар. Ити туһунан чуолкайдык улуу киһибит Өксөкүлээх Өлөксөй XX үйэ саҕаланыытыгар “Ойуун түүлэ” поэматыгар барытын ырытан этэн турар. Биһиги Арассыыйаттан, нууччалартан араҕыстахпытына, күүстээх омуктар кэлэн, сахалары суох гыныахтара диэн бы­­һааран, этэн турар. Япониялары ылан көрдөххө, 1937  сыллаахха Харбин диэн куораты ылалларыгар, үс хонук иһигэр 700 тыһ. кытайы кыргыбыттара. Биһиги ахсааммыт төһөнүй? Олорбут кэллэхтэринэ, cаха норуотун аҕы­йах күн иһинэн суох оҥоруохтара дии саныыбын. Итинник дьиикэй уонна кыахтаах омуктар кэллэхтэринэ, алдьархай ааҥныыр.

Арассыыйа цивилизацията

– Арассыыйа цивилизацията атын буоллаҕа дуу?  Арҕааҥҥылар да, Эмиэрикэлэр да олохтоох омуктарга хайдах сыһыаннаспыттар биллэр. Африкаттан кулут оҥостоору дьон бөҕөнү таспыттара. Нуучча цивилизациятын төрдө-төбөтө атын быһыылаах. Тэҥ бы­­рааптаныы ордук баһыйар диэн көрөбүн.

– Киэҥник көрдөххө, төрдүбүт, итэҕэлбит уонна устуору­йабыт биир. 2,5 тыһыынча сыл­лаах устуоруйаны көрдөххө, хуннартан саҕалаан билиҥҥэ диэри биир судаарыстыба, биир култуура, биир итэҕэл баар. Оттон билиҥҥи омуктарга, холобур, славяннарга уонна түүрдэргэ араарыы кэлин үөскээбит. Тас дьүһүннэригэр албыннатабыт, нууччалары атыҥырыы көрөбүт. Тас дьүһүннэрэ атын эрээри, ис иһигэр киирдэххэ, быдан чугаспыт. Арҕаа да, Илин да омуктары кытта тэҥнээн көрдөххө, нууччалары кытта өй-санаа өттүнэн быдан биирбит. Дьоҥҥо сыһыаннара быдан аламаҕай. Сибииргэ, Уһук Илиҥҥэ кэлэллэригэр олохтоох омуктары аҥаар кырыы кыргыбатахтара, суоһарбатахтара ээ. Аҥаардас аһыныгастара эрэ буол­бакка, экэнэмиичэскэй интэриэс­тэрэ эмиэ баһыйара. Нууччалар кэлэр кэмнэригэр XVII үйэҕэ аан дойдуга да, Дьобуруопаҕа да эмискэ тымныйбыт, ону “Малый ледниковый период” диэн ааттыыллар. Ол иһин күндү түүлээх ырыынакка күүскэ наада буолбута уонна сыаната лаппа үрдээбитэ. Күндү түүлээҕи эккирэтэн нууччалар Саха сирин булбуттара. Күндү түүлээҕи бул­­тааччы наадатынан сибээстээн, сахалары аҥаар кырыы кыргыбатахтара. Ити бастакытынан. Иккиһинэн, хааммыт, итэҕэлбит биир буолан атыҥыраабатахтара. Сахалар сэрииһит майгы­лаах-сигилилээх омукпут. Сахалар тоҕо тута бэриммиттэрий диэн ыйытыы үөскүүр. Чукчалар өр сэрии­лэспиттэрэ диэн буолар. Сахалар өйдөөх, мындыр буоланнар аан дойду балаһыанньатын ырытан-үөрэтэн көрбүттэр. Тоҕо диэтэххэ, олус киэҥ сиргэ олорбуппут. Саха сиригэр эрэ буолбакка, Уһук Илининэн, Хотугу Кытайынан эмиэ тайаан олохсуйбуттар. Эмиэрикэҕэ кытары бааллара. Аны туран, Саха сиригэр үс өттүттэн кимэн киирбиттэр: Арҕааттан, Эмиэрикэттэн, соҕурууттан Кытайдар (маньчжурдар) уонна нууччалар. Үс уот икки ардыгар түбэһэн баран, сир түннүгэ дьон ойууттар да, кинээс­тэр да толкуйдууллар буоллаҕа. Ким эрэ диэки хайыһыахтаахтар. Сөптөөхтүк толкуйдаан нууччалар диэки салаллыбыттар. Бу  туһунан устуоруктарбыт бэлиитикэни кытта сибээстээн улаханнык этэ иликтэр. Тоҕо диэтэххэ, сахалар көмөлөрө суох нууччалар Уһук Илиҥҥэ да, Эмиэрикэҕэ да барар кыахтара суох этэ. Саха сүөһүнү, сылгыны былыр-былыргыттан иитэрэ. Суол-иис диэн суоҕа,  кэлэргэ-барарга саха ынаҕа, сылгыта көмөлөспүтэ. Урут-уруккуттан сахалар атыыһыт өйдөөх-санаалаах, толкуйдаах этилэрэ. Билигин Ленскэй,  Витим эргин нефриты булаллар. Ол эбэтэр солко суолун иннинэ өссө нефрит суола баар эбит. Кытайы кытта сибээстэһэргэ аналлаах Ааттаммат Аартык диэн баар буола сылдьыбыта биллэр. XVII үйэ 80-ус сылларыгар ити суолунан сорох сахалар ойохторун, оҕолорун илдьэ куоппуттара уонна Амур эргин утары өр сэ­­риилэспиттэр. Онон сахалар истэригэр хайдыһыы тахсар, сорохтор ылыналлар, сорохтор утарсаллар. Бу билиҥҥи буола турар балаһыанньа эмиэ үүт-үкчү оннук.

Өбүгэлэрбит мындыр, муударай буолан…

– Ааспыкка Лев Гумилев туһунан кэпсииргин араадьыйаҕа истибитим. Сахалар кырдьаҕас омукпут дуу, биитэр нуучча судаарыстыбатыгар холбоһон баран, омук быһыытынан сайдан эрэбит дуу диэҥҥэ туох диэн этэҕин?

– Манна араас көрүү, санаа элбэх. Лев Гумилев сахалары аарыма кырдьаҕас омуктар диэн быһаарар. Нууччалыы реликтовай диэн этэр. Кини Ксенофонтов үлэлэригэр  олоҕуран этэр буолуохтаах.  Ол эрээри, билиҥҥи туругунан көрдөххө, оннук-айылаах аһара кырдьаҕас омуктарга киирсибэт курдукпут. Биир курдук сайдыыга талаһабыт, иккиһинэн, ахсааммыт элбии турар. Ис кыахпыт баар. Лев Гумилев ханнык эрэ кэмҥэ омук саҥа тыыны ылыан сөп диэн быһаарар. Ис иһигэр киирэн көрдөххө, сахалар Саха сиригэр олохтоох омугунан буолабыт, дириҥ устуоруйалаахпыт, 10-15 тыһ. сыллаах. Кэлии-барыы  баар буолан, хаан киириитэ хатылана турбут. Биир сиргэ-уокка бүгэн олорботохтор. Сахалар сылгыны, ынаҕы иитэр инниттэн элбэхтик  көһөллөр эбит, айынньыт омукпут. Билигин да сахалар сүүһүнэн дойдуларга тайаан олороллор. Сонумсахпыт, киирбит-тахсыбыт сытыы омукпут. Холобур, бэрт аҕыйах ахсаан­наах омуктан биллэр-көстөр дьоммут элбэх, долларовай миллиардердар кытта бааллар. Култуура, үөрэх, успуорт да өттүгэр балай эмит ситиһиилэрдээхпит. Онон кыахтаах омукпут. Бу – аҥаардас тымныыбытын эрэ кытта сибээс­тээх буолбатах, былыргы билии­ни, цивилизацияны илдьэ сылдьарбытын туоһулуур. Мин са­­наабар, саха диэн адьас былыр олоро сылдьыбыт күнү кытта сибээстээх киһи аата быһыы­лаах. Былыр омук барыта күҥҥэ уонна ыйга сүгүрүйэрэ. Бу итэҕэлэ биһиги култуурабытыгар баар. Билигин аан дойду үрдүнэн улахан сэрии саҕаланнаҕына, сахалар или, эйэни тардыахтаахпыт. Биһиги сүбэһит-амаһыт буолуохтаахпыт. Атын омуктар хайдах-­туох буолабыт диэн биһиэхэ сү­­бэлэтэ кэ­­лиэхтэрэ дии саныыбын. Онон аан дойду сэриитигэр аймаммакка, барытыгар муударайдык сыһыаннаһыахпытын, сомоҕолоһуохпутун  наада.

Украина судаарыстыба быһыытынан үөскээһинэ

– Аны Украина судаарыс­тыба быһыытынан үөскээбитин туһунан кэпсэтиэх­хэ.  Дьон өйдөөбөтө элбэх. Искусственнайдык үөскээбит диэн этэллэр. 1917 сыллаахха тэриллэригэр Лениннээх сыыһа-халты хамсаммыттарын  эбии Никита Хрущев Крымы биэрбитин кытта сибээстээх дуу? Быһааран кулу эрэ.

– Устуоруйа өттүттэн ыллахха, Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин иннигэр Украина диэн судаарыстыба суох этэ. Малороссия диэн баара уонна ити билиҥҥи украинецтары малоросстар диэн ааттыыллара. Былыр сахалар Бүлүү сахалара, Киин улуустар сахалара, хоту сахалара диэн үс аҥы арахсаллар. Маннык курдук нуучча омуга үс аҥы арахсар: Малороссия (билиҥҥи Украина), Великороссия (Арассыыйа) уонна Белороссия (Белоруссия). Дьиҥэр, бу биир омук, төрүттэрэ биир. Ону хайа эрэ кэмҥэ араартаан кэбиспиттэр. XIII үйэттэн саҕалаан итэ­ҕэлинэн арахсыы саҕаламмытыгар поляктар сыстан биэрбиттэр. Нуучча тылыгар Украина диэн окраина диэн тылы кытта быһаччы сибээстээх. Онон судаа­рыстыбаннас диэҥҥэ Владимир Путин сөпкө этэр. Ленин кэмигэр судаарыстыбаннас үөскээбит. Украинаҕа судаа­рыстыбаннаһы бассабыыктар төрүттээбиттэр. 1991 сыллаахха Сэбиэскэй Сойуус ыһыллар кэмигэр, туспа судаарыстыба үөскээн кыаҕыран барбыт.  Дьиҥэр, “Киев – мать городов русских” дииллэр ээ, тоҕо эрэ Украина диэбэттэр. Өрөбүлүүссүйэ да иннигэр Малороссия дииллэрэ. Айымньылары көрдөххө да, учуо­най устуоруктар да этэллэринэн, бэйэлэрин нууччаларынан били­нэллэр. Судаарыстыбаннас үөскээбитин кэнниттэн уонна Польша быһаччы кыттыытынан утарыта турсуу саҕаламмыт. XIV-XV үйэлэргэ соҕурууҥҥу нууччалары (малоросстары) Арассыыйаны утары туруорбуттар. Ол иһин Арҕаа Украина нууччалара ордук Арассыыйаны утараллар. Аан дойду I сэриитин иннинэ Арҕаа Украина Арассыыйаны өйүүрэ. Бу сэрии кэмигэр ол өйөөччүлэри суох оҥорбуттара.

Түөрт субъект

– Нууччалыы тыл­­лаах-өстөөх түөрт субъект холбоспутуттан Арассыыйа тугу ситиһэрий?

– Эмиэрикэлэр үбү-харчыны ааҕалларын дьэ сатыыллар. Ол курдук, Вашингтоҥҥа түөрт эрэгийиэн баайын-дуолун хайыы үйэ ааҕан олороллор. Кинилэр аахпыттарынан, түөрт субъект баа­йа-дуола (сирэ, тиэхэньиичэскэй баайа) 12,4 триллион дуолларга тэҥнэһэр. Херсоҥҥа (Украина соҕуруу өттө), Запорожьеҕа сылга иккилии хомууру ылаллар. Ол аата тыа хаһаайыстыбата олус күүскэ сайдыбыт. Бу сирдэргэ бырамыысыланнаһы, фармацевтиканы сайыннарыыга  бастакы кэмҥэ элбэх үп-харчы ирдэниллэр. Кырата 20-25 млрд дуоллары угуохха наада. Ити барыта этэҥҥэ барар түгэнигэр, Арассыыйа олус күүскэ сайдыаҕа. Ону тэҥэ, Азов муоратыгар тахсабыт. Итинэн эрэ бүппэт, Одесса, Николаев, Харьков диэки кэтэһэн олороллор. Украина үгүс өттө Арассыыйа састаабыгар киириэхтээх.

1990-с сылларга билиҥҥи балаһыанньа буолуохтааҕын сэрэйбиттэр. Украината суох Арассыыйа атаҕар хаһан да турбат диэн этэллэрэ. Джозеф Байден уола Донецкайга, Луганскайга уран баайдаах сири Украиналартан атыыласпыта иһиллэр. Ол иһин ити сири-­уоту былдьаһаллар. Онтон сылтаан дьон хаана бөҕө тоҕунна, ити киирсиигэ Зеленскэйи туһана олороллор.

Туомтуу тартахха

– Түмүккэ, аан дойду тутула уларыйаары турдаҕына,  сахалар хайдах-туох дьаһаныахтаахпытый, тугу гыныахтаахпытый?

– Устуоруйаны ылан көрдөххө, маннык ыарахан, уустук кэмҥэ, аан дойду үрдүнэн улахан сэрии буолар түгэнигэр, дьон, норуот бэйэтин хааччынары толкуйдуох­таах, онно дьулуһуохтаах. I да, II да аан дойду сэриилэрин ылан көрдөххө, кэпэрээссийэ систиэ­мэтэ биһигини өрүһүйбүтэ, ол иһин хоргуйан өлүү тахсыбатаҕа. “Холбос” эҥин курдуктар күүскэ үлэлээбиттэр. Нэһилиэнньэ былаас­ка сэлээннээбэккэ, барытыгар кыттыһан үлэлээн барбыта. Аты сиртэн аһы-үөлү, табаары кыттыһан аҕалан чэпчэки  сыанаҕа атыылаабыттара.

Сааҥсыйалартан да сылтаан, биһиги дьоммут уоппуска кэмигэр Арассыыйа үгүс эрэгийиэннэригэр күүлэйдээтилэр. Саха сиригэр эмиэ элбэх киһи кэлэн барда, туризм лаппа сайдан эрэр. Олохтоох тыа сирин дьоно бэйэлэрин маршруттарын көрдөрөр инниттэн хамсаныахпытын наада. Сайын аайы дьон уоппускаҕа барыаҕа, омук дойдуларын сайыннарбат инниттэн бэ­­йэбит испитигэр сынньанан бэйэбит дьоммутун өйүөхтээхпит. Бэйэ икки ардыгар атас­таһыы (бартер) баар буолуохтаах. Сүөһүбүт ахсаана биллэрдик аччыы турар. Ас-үөл сыаната аһара үрдээтэ. Балары элбэтэргэ күүскэ ылсан үлэлиэхтээхпит. Сэбиэскэй уопуту көрүөхпүтүн наада, Сталин кэмигэр МТС-тары хото тэрийбиттэрэ. Бу систиэмэни Вячеслав Штыров хат сөргүтэ сатаабыта да кыаллыбатаҕа. Ону билиҥҥи бырабыыталыстыба МТС-тары тэрийэн, чааһынай пиэрмэрдэри өйүүллэрэ буоллар быдан көдьүүстээх буолуох этэ. Тиэхиньикэ син биир эргэрэр, онуоха биирдиилээн пиэрмэрдэр кыанар кыахтара суох. Ол эбэтэр, улахан соп­хуостар, холкуостар тэриллиэхтэрин наада, билиҥҥи аныгы тиэрмининэн эттэххэ, агрокластердар. Куорат олохтоохторо тыа сиригэр олорор дьоммутун үбүнэн хайдах өйүөхтээхпитин билиҥҥиттэн толкуйдуурбут уолдьаста. Үбү-харчыны бэйэбитигэр иҥэрэргэ дьулуһуохтаахпыт.

Өй-санаа өттүнэн бөҕөргүүрбүт инниттэн, мин са­­наабар, бэ­­йэбит устуоруйабытын хасыһан  үөрэтиэхпитин наада. Хас биирдии нэһилиэккэ ытык сирдэр бааллар. Биһиги олорон ааспыт өбүгэлэрбит устуоруйаларын (паломничество) кытта ситими ыкса олохтуур сыалтан бэйэбит ытык сирдэрбитигэр ыччаппытын илдьэн сиэри-туому оҥоруохтаахпыт. Былыргы итэҕэлбитин тилиннэриэхтээхпит. Бу – патриотизм буолар. Иккиһинэн, экология боппуруоһа көтөҕүллэр. Ытык сир-уот ыраастаныллыахтаах. Салгыы экэнэмиичэскэйэ кэлэр. Маршрут оҥоһулуннаҕына, үп-харчы киирбитинэн барар. Биир ситимнээх буолан, барыбытын сомоҕолоһууга сирдиир, тиэрдэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Суруйааччы бэйэтин кэмигэр куруутун махтаныахтаах

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

49 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

2 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

3 часа ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

5 часов ago