Афанасий Ноев «Айар» кинигэ кыһатыгар ыалдьыттаата

Share

Тохсунньу 10 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын уонна духуобунаһын миниистирэ Афанасий Ноев “Айар” кинигэ кыһатын кэлэктиибин кытта көрүстэ.

«Айар» кинигэтэ  кыһа урут Сыыппара уонна инновация министиэристибэтин иһинэн сылдьыбыт буоллаҕына, аны Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтин көрүүтүгэр-истиитигэр 38-с тэрилтэнэн киирдэ.

Көрсүһүү кэмигэр  Афанасий Ноев  үлэ-хамнас хаамыытын билистэ, кыһалҕалары, этиилэри иһиттэ.  Уус-уран литература, киэҥ араҥаҕа анаммыт, сакааһынан таһаарыылар эрэдээксийэлэрэ, үөрэх уонна оҕо таһаарыыларын киинэ уонна анал бырайыактары оҥорор салаалар салайааччылара үлэлэрин туһунан сиһилии билиһиннэрдилэр уонна инники бииргэ үлэлэһиигэ кэккэ этиилэри киллэрдилэр.

Көрсүһүүгэ этиллибитинэн, бэчээттэнэр кинигэ ахсаана сыл аайы аҕыйыыр, орто тираж 2000-ҕа тиийэ түспүт. Билиҥҥи уустук кэм усулуобуйатыгар тэрилтэ үлэтигэр  баар кэккэ ыарахаттарга үрдүкү салалта өйөбүлэ улахан суолталаах.

“Эһиги “Бичиги” биһирэппит,  «Айары» айбыт дьон буолаҕыт. Биһиги барыбыт сорукпут —  эдэр ыччаппытыгар, кэлэр көлүөнэлэргэ төрөөбүт тылбытын чөл хаалларыы, кинилэри ааҕарга уһуйуу, көҕүлээһин. Онно эһиги оруолгут сүҥкэн. Классик суруйааччыларбыт айымньыларын элбэхтик бэчээттээн, дьоҥҥо-сэргэҕэ аахтарыаҕыҥ. Олоҥхолуур, тойуктуур идэни эдэр дьоҥҥо иҥэриэҕиҥ. Олоҥхону, тойугу оҕолорго үөрэтиэҕиҥ, онно даҕатан олоҥхолору тэттик кинигэ гынан тарҕатыаҕыҥ.

«Айар” национальнай кыһа – саха норуотун киэн туттуута, уус-уран тыл, айымньы сүмэтэ эһиэхэ кылаат буолан сытар. Бу баайы  ускуустубаннай  интэллиэги туһанан норуоппутугар тириэрдэргэ бииргэ үлэлэһиэҕиҥ. Арҕааҥҥы омуктары үтүктүбэккэ, бэйэҕит суолгутунан-иискитинэн сылдьыҥ, саҥаны айыҥ-тутуҥ. Бары бииргэ өйү-сүбэни, күүһү-кыаҕы түмэн үлэлиэҕиҥ, төһө кыалларынан өйүөхпүт», – диэн Афанасий Иванович санаатын эттэ.

СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Афанасий Ноев ону таһынан кинигэ кыһата бириэмэни кытары тэҥҥэ хардыылыырын – 2022 сылтан  AyarBook мобильнай сыһыарыны үлэлэтэрин бэлиэтээтэ.

Кыһа сыалыгар-соругар сөп түбэһэр кэскиллээх кэпсэтииттэн, санааны  үллэстииттэн, инники үлэни торумнааһынтан кыһа кэлэктиибэ сүргэтэ көтөҕүлүннэ.

(«Айар» кинигэ кыһата)

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

13 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

14 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

14 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

14 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

14 часов ago