Афанасий Ноев: «Өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар улахан төһүү буолбута»
Балаҕан ыйын 27 күнэ — Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Судаарыстыбаннас күнэ. Култуура, духуобунай сайдыы миниистирэ Афанасий Ноев бу күн суолтатын туһунан санаатын үллэһиннэ.
— Судаарыстыбаннас суверенитетын ылыы — бастатан туран, бэйэҕэ эппиэтинэһи ылыныы буолар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрэсдьиэнэ Михаил Николаев уонна 12-с ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэт 1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр бэйэлэригэр үрдүк эппиэтинэһи ылынан, федеративнай Арассыыйа иһинэн судаарыстыбаннай суверенитет туһунан декларацияны ылыммыттара. Ол өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар улахан төһүү буолбута. Саамай ыарахан 90-с, 2000-с сыллары этэҥҥэ ааһан, билиҥҥи кэмҥэ судаарыстыбаннаспыт оннун булла.
Итини хасыһан суруйдахха, уһун-киэҥ буоллаҕа. Маҥнай Саха сирэ бу күҥҥэ Арассыыйа састаабыгар бэйэтэ кэҥэтиллибит бырааптаах уонна боломуочуйалаах сувереннай судаарыстыба быһыытынан сорох көстүүтүн туоһулуур правовой формалаах уонна статустаах, дьаралыктардаах субъект буолуутун киэҥ эйгэҕэ иһитиннэрэр, Суверенитетын биллэрэр Декларацияны ылыммыта. Ол иһин бу күн маҥнай Суверенитет күнүнэн билиниллэр этэ. Кэлин дойдубут уонна кини субъектарын правовой статуһа чуолкайдаммыта уонна уларыйбыта. Ол гынан баран, урукку автономнай өрөспүүбүлүкэ статуһугар холоотоххо, өрөспүүбүлүкэ билиҥҥи правовой уонна бэлитиичэскэй бырааба уонна боломуочуйата кэҥэтиллибитинэн хаалбыта.
Өрөспүүбүлүкэ билиҥҥи Арассыыйа дуогабарынан форматыгар олоҕурар — Федеративнай дуогабар баттаммыта. Биһиги Сахабыт сирэ ити дуогабар баттаһыытын биир көҕүлээччитэ этэ. Ити процесстар судургута суохтар, уустуктар. Федеративнай да, союзнай да судаарыстыбаҕа кини субъектара уонна дойду киин былааһа бэйэлэрин бырааптарын уонна боломуочуйаларын хардарыта бэйэ-бэйэлэригэр бэрсэллэр (делегирование). Онто суох табыллыбат. Бу процесс кэмигэр, биллэн турар, өрөспүүбүлүкэ 1991 сыллаахха Декларациятыгар олоҕуран ылыммыт сорох боломуочуйаларын уонна бырааптарын дойду киин былааһыгар төттөрү биэрбитэ.
Итини араас дьон араастык ылыналлар, тус-туспа тойоннууллар уонна мөккүһэллэр. Мин итини ырыта барбаппын. Ол гынан баран, бүгүҥҥү даата Саха сирэ Арассыыйа атын субъектарын кытта тэҥ, сорох ардыгар кэҥэтиллибит бырааптаах уонна статустаах буолуутун кэрэһилээһин уонна билинии күнүнэн буолар. Онон маҥнайгы сылларга бэлиэтэнэ сылдьыбыт Суверенитет күнүн өйдөбүлүн кытта булкуйар төрдүттэн сыыһа. Маны билигин дьоҥҥо-сэргэҕэ ким да өйдөтөн быһаарбат. Ол иһин бүгүҥҥү Өрөспүүбүлүкэ күнүн өйдөбүлун уонна суолтатын сыыһа сыаналыыллар, үгүстэр мэлдьэһэллэр, түһэрэ сатыыллар.
Мин тоһоҕолоон бэлиэтиэхпин баҕарабын: сахалар, аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар, бу кэмҥэ тылбытын, төрүт култуурабытын, духуобунай баайбытын төнүннэрэн, кыаҕырдыбыт — бэйэбит национальнай тэлэбиидэнньэлээхпит, араадьыйалаахпыт, хаһыаттардаахпыт. Ыһыах күнэ, Олоҥхо күнэ, Хомус күнэ, Оһуохай күнэ олохтоннулар. Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллан, олоҥхону сайыннарыыга улахан үлэ барар, элбэх олоҥхоһут оҕолор баар буоллулар. Норуот маастардарын өйүүбүт, кинилэр норуот уус-уран оҥоһуктарын саҥа таһымҥа таһаардылар. Ити барыта норуот өйө-санаата уһуктубутун көрдөрөр, суверенитет баар буолан, духуобунай, култуурунай баайбытын сыаналаан, сайыннардыбыт.
Судаарыстыбаннай суверенитет биллэриллибитэ саха норуотун эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ бары норуоттарын сомоҕолоото. Духуобунас, сиэр-майгы өттүнэн күүстээх эрэгийиэн диэн билиннилэр. 9 Дьоруойданныбыт — күүстээх, эр санаалаах буолуубут тыл, духуобунас, култуура, итэҕэл чэчирии сайдыытыгар сытар.
Судаарыстыбаннас күнүн сыл аайы бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаев дойдутугар — Хаҥалас Өктөмүгэр бэлиэтиирбит саамай сөптөөх дии саныыбын.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: