Афанасий Ноев СӨ култуураҕа уонна духуобунаһы сайыннарыыга миниистирин 1-кы солбуйааччынан ананна.

Share

Бүгүн, сэтинньи 12 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев телеграм-канаалыгар иһитиннэрбитинэн, Афанасий Иванович Ноев СӨ култуураҕа уонна духуобунаһы сайыннарыыга миниистирин 1-кы солбуйааччынан ананна.

Афанасий Иванович Ноев 1966 сыллаахха алтынньы 2 күнүгэр  Орджоникидзевскай оройуонун (билиҥҥинэн Хаҥалас) Ой сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. 1984  сыллаахха Ой орто оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитэ.

— 1984 сыллаахха Покровскайдааҕы ОПХ-ҕа оробуочайдаабыт.

— 1984-1986 сс. Сэбиэскэй аармыйаҕа сулууспалаабыт.

—  1987 -1992 сс. СГУ Историческай факультетыгар устудьуоннаабыт.

— 1992-1993 сс.   СГУ политология кафедратыгар  ассистент-преподавателинэн үлэлээбит.

— 1993-1997 сс. ыччат дьыалаларыгар, туризмҥа, физическай култуураҕа уонна спорка миниистирин 1-кы солбуйааччынан үлэлээбит.

— 1997-1998 сс.  Хаҥалас улууһун баһылыгын 1-кы солбуйааччынан үлэлээбит.

— 1998-2002 сс. — «Саха» НКИХ бэрэсидьиэнэ.

— 2002-2003 сс. —  СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин 1-кы солбуйааччы.

—  2003- 2008 сс. – «Ленский край» ФМФ генеральнай дириэктэрэ.

— 2011-2012 сс.  – «Якутия» хаһыат» ААУо генеральнай дириэктэрэ.

— 2019 -2020 сс. — СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын  информационнай бэлиитикэҕэ  уонна маассабай коммуникацияҕа департаменын салайааччы.

— 2020 сылтан СӨ Ил Дарханын көмөлөһөөччүтэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

8 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

10 часов ago