Афанасий Постников: “Өрөгөй күнүнэн ааттаатыбыт”
Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар судаарыстыбаннай наҕараадалары туттарда. Саха уолаттара – Филипп Евсеев (Сунтаар) уонна Алексей Неустроев (Уус Алдан) Арассыыйа Дьоруойа аатын ыллылар.
СӨ үлэҕэ, социальнай сайдыыга миниистирин солбуйааччы Афанасий Васильевич Постников бу бэлиэ түгэнинэн санаатын маннык үллэһиннэ:
— Бэҕэһээ Сунтаар улууһугар Албан аат болуоссатыгар улахан тэрээһин буолла. Онно сылдьан тыл эттим. Саха сирин бүттүүнүн Өрөгөй күнүнэн ааттаатыбыт. Бу уолаттарбыт – Филипп Евсеев уонна Алексей Неустроев оҥорбут хорсун быһыылара көмүс буукубанан суруллар. Тэрээһиҥҥэ Сунтаар уонна Уус Алдан улуустарын баһылыктарын этиилэрин иһиттибит. Таарыйа биир түгэни аҕыннахха, Филипп Евсеев эһээтэ Курскай Дугаҕа сэриилэһэн Берлиҥҥэ тиийбит киһи. Уолаттарбыт Саха сиригэр этэҥҥэ кэлэллэрин кэтэһэбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: