Салгыы
Афанасий Владимиров: «Бэрэсидьиэн быһа эпиирин аан дойду барыта кэтээн көрүөҕэ»

Афанасий Владимиров: «Бэрэсидьиэн быһа эпиирин аан дойду барыта кэтээн көрүөҕэ»

Ааптар:
18.12.2024, 12:26
Хаартыска: Ил Түмэн пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Бэрэсидьиэн Владимир Путин быһа эпиирэ уонна улахан пресс-кэмпириэнсийэтэ бу сыл ахсынньы 19 күнүгэр «Владимир Путины кытта сыл түмүктэрэ» диэн холбуу ыытыллыаҕа. Маныаха нэһилиэнньэттэн номнуо 1,1 мөлүйүөн кэриҥэ тус ыйытыы киирбит.

Ил Түмэн вице-спикерэ – Судаарыстыбаннай тутууга уонна сокуону оҥорууга кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Афанасий Владимиров бу биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр уонна бүтүн дойдуга улахан суолталаах тэрээһин буоларын бэлиэтээтэ. Бу туһунан Ил Түмэн пресс-сулууспата суруйар.

«Сыл ахсын Владимир Владимирович Путин нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын үрдэтиигэ, дойдуга куттала суох буолууну хааччыйыыга, дойду элбэх омуктаах норуота сомоҕолоһоругар туһуламмыт хайысхалары туруорсар уонна чахчы улахан болҕомтотун уурар», — диэтэ Афанасий Владимиров. Парламентарий билигин маннык улахан тэрээһиҥҥэ Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ уопсастыбаны кытта кэпсэтиитин аан дойду үрдүнэн бары кэриэтэ кэтээн көрөллөрүн бэлиэтээтэ.

Бэрэсидьиэн Владимир Путин норуоту уонна уопсастыбаннаһы кытта быһа эпиири ыытыы тэрээһинэ үгэскэ кубулуйда. Бу норуоту кытта кэпсэтэргэ, уопсастыбаттан санаа атастаһыытын хомуйарга, дьону-сэргэни ханнык кыһалҕалар ордук долгуталларын билэр кыаҕы биэрэр.

«Владимир Путины кытта сыл түмүктэрэ» бырагыраама ахсынньы 19 күнүгэр киэһэ 18:00 ч. (мск бириэмэтинэн 12:00 ч.) «Первый», «Россия 1», «Россия 24», НТВ, ОТР, «Мир» ханаалларынан көрдөрүөхтэрэ, «Маяк», «Вести FM» уонна «Радио России» араадьыйаларынан иһитиннэриэхтэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
18 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 69% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: