Петербурдааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы экэнэмиичэскэй пуорумҥа өрөспүүбүлүкэҕэ тырааныспар сайдыытын кытары сибээстээх кэккэ докумуоннарга илии баттаатылар. Ол иһигэр, «ГЛОНАСС» хампаанньаны кытта маассабай информационнай-навигационнай технологиялары киллэриигэ уонна сайыннарыыга сөбүлэһии ылылынна. Бу бырайыак чэрчитинэн Хоту таһаҕаһы таһыы навигацията тупсарыллыахтаах.
“ЛОРП” дириэктэрдэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Афанасий Владимиров бэлиэтээбитинэн, «ГЛОНАСС» хампаанньаны кытары сөбүлэһиинэн Саха сиригэр эбии технологическай быһаарыылары туһанар уонна саҥа цифровой сиэрбистэри киллэрэр кыахтаныахпыт.
«»ЛОРП» хампаанньа Саха сиригэр уунан таһаҕаһы таһар сүрүн тэрилтэ буолар. Биһиги эрдэ тыраанспар-логистика киинин тутуутун бырайыагын туруорсубуппут. Грузовой терминал бастакы кэрдииһэ үлэҕэ киирбитэ. Аныгыскы кэрдииһинэн икки магистралы холбуур тимир суол буолуохтаах. Бу үлэ түмүгүнэн тимир суол, өрүс уонна массыына тырааныспардарын холбуур тырааныспар-логистика ситимэ буолуохтах. «ГЛОНАСС» маассабай информационнай-навигационнай технологияларын киллэрии бу бырайыагы салгыырга көмө буолуоҕа», — диэн кини эттэ.
Бүгүн Дьокуускай куоракка Преображенскай таҥара дьиэтигэр православнай итэҕэллээхтэр мустуохтара. Бу сарсыарда 10:00 чааска Ороһуоспа иннинээҕи …
Бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, норуот суруйааччыта, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата…
Бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, Саха сирин синоптиктара кыралаан хаар түһэрин, үгүс оройуоннарынан сөҥүүтэ суох, нэһилиэктэринэн…
Быйылгы 2025 сыллаах Оһуокайбыт Аар Дархан этээччибит, сүүс сааһыгар үктэнэрэ аҕыйах сыл эрэ хаалбыт ытык…
Санаторийга сынньана ОМС полиһынан босхо барыахха сөп. Ол туһуттан терапевтан направление ылар наада диэн объясняем.рф…
Ааспыт сыл ахсынньы 10-12 күннэригэр Москваҕа «Космос» конгресс-кииҥҥэ XXXIV төгүлүн ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр кэмпириэнсийэлэрэ буолан…