Афанасий Захаров: Төрөөбүт сириттэн өйөбүллээх байыас бигэ тирэхтээх!

Share

Чурапчы улууһун дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Афанасий Захаров былырыын күһүҥҥүттэн быстах хомуур саҕаланыаҕыттан ыла, улуус дьокутааттара олохтоохтору, тэрилтэлэри кытта тэҥҥэ байыаннай эппэрээссийэҕэ кытта сылдьар уолаттарыгар, кинилэр төрөппүттэригэр, дьиэ кэргэттэригэр күүс-көмө, өйөбүл-тирэх буолан, балачча үлэҕэ кыттыһан, үлэни иилээн-саҕалаан кэлбиттэрин туһунан кэпсээтэ:

— Бастатан туран, гуманитарнай көмө хомуллуутугар улуус дьокутааттара тэрилтэлэринэн көҕүлээннэр, олус кылгас кэмҥэ мал-сал хомуллуута күүскэ тэриллибитэ. Ол курдук, улуус дьокутаата Екатерина Иванова дьахталлар уопсастыбаннай хамсааһыннарын нөҥүө бу үлэни олус сатабыллаахтык салайан кэллэ. Эр дьон уопсастыбаннай түмсүүлэрин хамсатыыга улуус дьокутааттара Сергей Новгородов, Иннокентий Архипов, Яков Оконешников, Антон Аржаков, Максим  Смирников, Данил Павлов  үлэлээннэр, билигин даҕаны тустаах нэһилиэктэригэр көмө үлэтин тэрийиигэ төһүү күүс буолаллар.

Биир күннээх хамнас хомуйан “Кыайыы” пуондатыгар үбү киллэриигэ бары дьокутааттар үлэлиир тэрилтэлэрэ олус көхтөөхтүк кытыннылар. Дьокутаатттарбыт бэйэлэринэн биир идэлээх сойуус тэрийэр үлэтигэр өйөбүл буоланнар, дьоммут-сэргэбит, кэлэктииптэрбит кылгас кэмҥэ бэрт көдьүүстээх, олус наадалаах тиэхиньликэни атыылаһан, байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарбытыгар тиксэрэр кыаҕы биэрдилэр. Семен Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын улахан кэлэктиибэ дириэктэрдэрин, дьокутаат Надежда Уарова ыҥырыытын быһа гыммакка, улахан сууманы хомуйан туттарбыттара кэрэхсэбиллээх. Иван Павлов аатынан эмиэ биир улахан оскуола дьокутаат Дмитрий Попов үлэлиир сирэ. Онон бу оскуола кэлэктиибэ эмиэ бэрт кылгас кэмҥэ олус наадалаах сууманы хомуйан араас квадрокоптердары, тепловизордары атыылаһан, анал пуонда нөҥүө туһааннаах бириэмэтигэр уолаттарбытыгар тиксэриигэ байыастарбыт махталлара үгүс этэ.

Улуус Сэбиэтэ былырыыҥҥыттан ыҥырыллан байыаннай дьайыыларга сылдьар байыастар оҕолоругар босхо аһылыгынан хааччыйыыга, оттуур сир арендатыттан босхолооһуҥҥа, уһуйааҥҥа уонна интэринээккэ төлөбүртэн (взнос) босхолооһуҥҥа курдук,  анал быһаарыылары ылыммыта. Быйылгы уонна былырыыҥҥы сыл түмүгэр бүддьүөккэ мобилизованнай дьоммут дьиэлэрин көрөргө, сылааһынан хааччыйарга диэн ый аайы көмө төлөбүрү көрүү бигэргэтиллэн, олоххо киирбитэ. Дьоммут дьиэ кэргэттэрэ, төрөппүттэрэ баар кыһалҕаларын быһаарсыыга, көмө көдьүүстээхтик тэриллиитигэр улуус дьаһалтатыттан анаан бөлөхтөр тэриллэн, дьаһалларынан бигэргэнэн, үлэлии олороллор.

Хас биирдии киһи кыһалҕата араас, ол да буоллар ыстаап хара маҥнайгыттан ыкса үлэни тэрийэн, хас бирдии ыалга дьиэтигэр тиийэн көрсөн, нэһилиэктэр баһылыктарын, дьаһалталарын, араас социальнай тэрилтэлэри кытта биир сүбэнэн ситимнээх үлэ тэриллибитэ көдьүүстээҕин көрдөрдө. Улуус дьокутааттара бу үлэҕэ нэһилиэктэринэн, улуус киинигэр салайааччы да буолаллар, көҕүлээччи, дьону түмээччи да буолаллар. Биһиги бары өйдүүбүт — дойдубутугар күүс көмө буоларбыт ытык иэспит, түмсүүлээх буоларбыт кыайыыга мэктиэбит.

Биһиги күүспүт — кырдьыкпытыгар, түмсүүлээх үлэбитигэр. Сырдык алгыспыт уолаттарбытыгар тиийэн, төрөөбүт тапталлаах дойдуларыгар этэҥҥэ кэлэллэригэр көмөлөстүн!

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сылга суоппар дастабырыанньатын болдьоҕо уһаан биэрэр

2025 сылга  болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ВИДЕО. Куукула оонньуурдаах харыйа

Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр кэнники сылларга 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна

Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн күүстээх магнитнай буурҕа түстэ

Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа дьиэ үлэҕэ киириэҕэ

Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

160-тан тахса быраас уонна биэлсэр үлэнэн хааччылыннылар

Былырыын Саха сиригэр «Земскэй быраас» уонна «Земскэй биэлсэр» бырагыраамаларынан 16 исписэлиис үлэҕэ ыытыллыбыт: 90 быраас…

10 часов ago