Салгыы
Афанасия Конобулова Дьоруой Ийэ аатын сүктэ

Афанасия Конобулова Дьоруой Ийэ аатын сүктэ

24.11.2022, 18:07
Бөлөххө киир:

Арассыыйатааҕы Ийэ күнүн көрсө бүгүн Ил Дархан элбэх оҕолоох ийэлэргэ судаарыстыбаннай наҕараадалары туттарда. Кинилэр истэригэр Сунтаар улууһун Кэмпэндээйититтэн сылдьар, 10 оҕолоох Афанасия Конобулова баар. Ил Дархан илиититтэн «Дьоруой ийэ» уордьаны тутар чиэскэ тигистэ.

Бу эдэркээн, кэрэчээн ийэни көрөн туран, 10 оҕолоох, ону тэҥэ, 11-с кырачаанын сүрэҕин анныгар илдьэ сылдьар диэбэккин. Кини иитээччи идэлээх, оҕо саадыгар үлэлиир эбит.

Элбэх оҕолоох ыал диэн — улахан үлэ уонна улахан дьол. Хас биирдии оҕо төрөөтөҕүнэ, төрөппүттэригэр улахан үөрүүнү, дьолу бэлэхтиир. Биһиги улахан, иллээх  дьиэ кэргэн буоламмыт, бэйэ-бэйэбитин өйөһөбүт, көмөлөһөбүт, тапталбытын бэлэхтиибит. Сылайдахпытына даҕаны, кырачааннарбыт күлэллэрин-үөрэллэрин, чуопчааралларын көрдөхпүтүнэ, сылаабыт ааһан хаалар. Оҕолорбут үөрэхтээх, чэгиэн дьон буола улааталларыгар дьулуһабыт, дьоҕурдарын арыйарга кыһаллабыт.  Улахан дьиэ кэргэн — улахан дьол. Ийэ сылыгар маннык үрдүк наҕарааданы туппуппуттан олус долгуйдум, үөрдүм. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр судаарыстыбаттан элбэх өйөбүлү, төлөбүрдэри ылабыт диэн  бэлиэтиэхпин баҕарабын, — диэн Афанасия кэпсээтэ.

Чахчыта, Афанасияны көрөн, наҕараадалааһыҥҥа мустубут дьон улаханнык сөхтүлэр. Тэлэбиидэнньэ үлэһиттэрэ сырса сылдьан, интервью ыллылар.

Афанасия Конобуловалыын кэпсэтиини «Саха сирэ» хаһыат кэлэр нүөмэригэр ааҕаарыҥ. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: