Африканович Путинтан көрдөһүүтэ олоххо киирэн эрэр
Бэҕэһээ, муус устар 12 күнүгэр, Сунтаар улууһун Кириэстээҕэр саҥа Култуура дьиэтин бастакы сыбаайата үөрүүлээх быһыыга-майгыга түһэрилиннэ.
Бу бэлиэ түгэнинэн улуус баһылыга Анатолий Григорьев нэһилиэк олохтоохторун эҕэрдэлээтэ.
Санатан эттэххэ, РФ Үлэ Дьоруойа, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, “Бочуот Знага”, “Үлэ албан аата” 1, 2, 3 истиэпэннээх, “Хотугу сулус” уордьаннардаах, Сунтаар улууһун “Кириэстээх” кэпэрэтиип ыанньыксыта Владимир Африканович Михайлов былырыын Москваҕа Дьоруой аатын ыла сылдьан, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путиҥҥа Култуура дьиэтин уонна саҥа хотону туттарыыны туруорсубута. Ол этиини ылынан, Владимир Путин Дьоруой олорор нэһилиэгэр саҥа таас кулуубу тутарга дьаһал биэрбитэ. Онон дьэ ол көрдөһүүтэ олоххо киирэн эрэр.
1955,25 кв м иэннээх кулуубу «Андраники» ХЭУо эһиил ахсынньыга тутан үлэҕэ киллэриэхтээх.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: