«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда 300-тэн тахса тэрээһини ыытта
«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» судаарыстыбаннай пуонда филиала быйыл тохсунньуттан ахсынньыга диэри бэтэрээннэр уонна байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин чилиэттэрэ кыттыылаах 366 тэрээһини ыытта.
Бу туһунан ахсынньы 10 күнүгэр брифиҥҥэ Саха сирин үрдүнэн «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» судаарыстыбаннай пуонда филиалын салайааччытын солбуйааччы Симона Томская иһитиннэрдэ.
«Быйылгы сылга биһиги 130- тан тахса оҕону уонна ыччаты патриотическай иитиигэ, 160 успуорт уонна култуурунай-сынньанар уонна анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын хорсун быһыыларын үйэтитиигэ 60-тан тахса тэрээһиннэр ыытылыннылар. Уопсайа 26 тыһыынчаттан тахса киһи хабылынна», — диэтэ Симона Томская.
Кини иһитиннэриитинэн, филиал аһыллыаҕыттан уопсайа 458 тыһыынча тэрээһин ыытыллыбыт, манна уопсайа 33 тыһыынчаттан тахса киһи кыттыбыт. Ахсынньы 3 күнүгэр Москва куоракка оҕо муусука тыйаатырыгар«Семья Защитников Отечества» бириэмийэни туттарыы үөрүүлээх сиэрэ-туома ыытылынна.
Арассыыйа үрдүнэн 200-тэн тахса ыал номинацияламмыт. СӨ култууратын туйгуннара, Юрий Платонов аатынан Эстрада судаарыстыбаннай тыйаатырын артыыстара, бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин төрөппүттэрэ, элбэх оҕолоох Аркадий уонна Софья Николаевтар дьиэ кэргэттэрэ билиһиннэрдилэр. Кинилэр «Талааннах ыал» номинацияҕа кыайыылаахтарынан буоллулар.
Ахсынньы 5 күнүгэр Дьокуускайга Аҕа дойду Дьоруойдарын күнүгэр аналлаах анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар успуорт күрэхтэһиилэрэ ыытылыннылар. Күрэхтэһии бырагырааматыгар буулдьанан, ох саанан ытыы, остуол тенниһэ, пауэрлифтинг уонна армрестлинг киирбиттэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: