Ньурба улууhун I Хаҥалас нэhилиэгиттэн Курышевтар диэн ыалтан алта бииргэ төрөөбүт уол дойдутун көмүскээн байыаннай дьайыыга ытык иэһин төлүү сылдьарын туhунан сурах бүтүн Саха сирин хас биирдии олохтооҕун долгутта.
… Дьэ, бу ини-бии хорсун уолаттар Курышевтарга сигэнэн, Алексей Семенович Захаров (Филиппов)-Хоҥкуй Өлөксөйү ахтан-санаан ааhар, Саха сирин олохтоохторугар кини туһунан кэпсиир тоҕоостоох кэм тирээн кэллэ. Ол кимий диэн ыйытык үөскүүр буоллаҕына, Аҕа дойдуну аймаабыт, бар дьону харах уутунан сууннарбыт уоттаах сэриигэ огдообо аҕа иитэлээн улаатыннартаабыт тоҕус уолуттан аҕыс уолун биир күн илдьэ барбыттарын, онтон ыарыhах уолун ыланнар оҕонньор муҥатыйыы бөҕөтө буолаахтаабытын туhунан сиhилии, төhө кыалларынан, сырдата сатыам.
Алексей Семенович Захаров (Филиппов)-Хоҥкуй Өлөксөй Ньурба улууhун Бэстээх (билигин Чаппанда) нэhилиэгэр 1847 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Кэргэнэ Филиппова Марфа Николаевналыын Бэстээх нэhилиэгэр Бөкүй диэн сиргэ былыргы дьон сиэринэн сүөһү тутан, муҥхалаан, балыктаан, тоҕус уол оҕолонон быр-бааччы олорбуттара. Ол эрээри, ийэлэрэ барахсан оҕолор кыраларыгар күн сырдыгыттан арахсан, ыал аҕата тоҕус эт кырбас уолунаан хаалан олох олорор туhугар турууласпытынан барбыта. Онто да суох ыарахан олох өссө кытаатан, эр киhини түбүккэ түhэрбитэ. Аны ити сылларга уот кураан тура сылдьыбыт кэмнэрдээх. Кэргэнэ өлбүтүн кэннэ сүөһүлэрин холкуоска туттартаан, кыл муҥхатын эрэ илдьэ хаалбыта. Ол саҕана ылбычча ыал аайы кыл муҥха суох кэмэ буоллаҕа. Ол курдук, Өлөксөй элбэх киhини муҥхалаан аhаталаабыт, дьону хоргуйан өлүүттэн быыhаабыт үтүөтэ кэмэ суоҕун туhунан дьон хойукка диэри кэпсэл гынар эбит. Иккиhин ойохтоммокко, уолаттарын барыларын бэйэтэ улаатыннартаабыт. Дьэ, санаан көрүҥ, олорор усулуобуйа ыараханыгар, ас-таҥас кырыымчык кэмигэр харытын күүһүнэн үлэлээн, бурдук ыhан үүннэрэн оҕолорун аhаталаан уонна ыаллыы олорбут Чан Чу Чу (1888-16.08.1951 сс.) диэн кытайтан үөрэнэн моркуоп, эриэппэ, турунуопус олордон эбии үссэнэн, уолаттарын кыраларыттан батыhыннара сылдьан бултка, балыкка сыhыарталаан, хайдахтаах даҕаны үлэттэн туора турбата, үлэни өрө тутан иитэн таһаарыы – Дьоруойдуу быһыы.
Оҕолор Бөкүнэйтэн Арҕаа дэриэбинэҕэ баар оскуолаҕа бытархан тымныыга ыт сутуруолаах, үтүлүктээх, халтаҥ сонунан сэттэ биэрэстэни хааман кэлэн үөрэнэллэр эбит. Уолаттар бары улахан уҥуохтаах лэhигирэс, турбут-олорбут, сытыы-хотуу, кыайыгас дьон буола улааппыттар: Уйбаан (Сордоох), Дайыыл, Хакыр Аппанаас, Хабырыыл (Оноой), Бүөтүр, Дьөгүөр, Өлөксөй, Киргиэлэй, Байбал. «Молодой большевик» холкуостааҕа Дьөгүөртэн ураты бырааттыы Захаровтар Бэстээх нэhилиэгин «Социализм суола» холкуос чилиэннэрэ эбиттэр.
1941 сыллаахха көһүппэтэх өттүттэн фашистар дойдубутугар саба түспүттэригэр балаҕан ый 1 күнүгэр сэриигэ барарга улахан хомуур саҕаламмыта. Дьэ, бу күн Өлөксөй-Хоҥкуй 43 саастаах Уйбааныттан саҕалаан, 22 саастаах Байбалыгар тиийэ, тоҕус уолуттан аҕыс уолун, ол иhигэр Алдаҥҥа «Эдэр тайҕа» диэн сиргэ көмүс хостооhунугар үлэлии сылдьар Дайыылатын бу хомуурга биир күн илдьэ барбыттара. Бу биир дьиэ иhиттэн биир күн 8 уол сэриигэ барааhына диэн сүрдээх дьыала… Аҕатынаан ыарыhах уол Хакыр Аппанаас эрэ хаалбыта. Аҕалара барахсан санаата түhэн муҥатыйыы бөҕөтө буолбут уонна онтон ордук тугу гынаахтыай?.. Аны эhиилигэр 1942 сыл бэс ыйын 26 күнүгэр тохсус уол Хахыр Аппанаас эмиэ сэриигэ аттаммыта. Инньэ гынан, Хоҥкуй оҕонньор уолаттарын атаартаан баран, үс оҕолоох улахан уол Уйбаан кэргэнин Настааны кытта олорон хаалбыта.
Бу уоттаах сэриигэ барбыт уолаттарыттан сэттэ уол: Уйбаан (Сордоох), Дайыыл, Гаврил (Онооой), Өлөксөй, Дьөгүөр, Григорий (Чыычаах) уонна Байбал сырдык тыыннара быстан сэрии толоонугар хаалбыттар. Кинилэртэн Байбал эрэ көмүс уҥуоҕа кистэммит сирэ биллэр, алта уол ханна хараллыбыта дуу, суоҕа дуу күн бүгүҥҥэ диэри биллибэт… Дьэ иэдээн диэтэххит… Оҕо сааhыттан ыарыhах Хахыр Аппанаас 1943 сыллаахха дойдутугар суккуруур эрэ тыына кэлэн, өр буолбакка өлбүт. Инньэ гынан, Хоҥкуй Өлөксөй аҕыс уолуттан илии соттон, биир соҕотох тохсус оҕотун Бүөтүккэтин эрэ тутан хаалбыта.
Хоҥкуй Өлөксөйү биир дойдулаахтара олус көнө майгылаах, сүрдээх үлэһит киһинэн билэллэр. Ону сэргэ оҕолорун соҕотоҕун иитэлээн, сахаҕа кырасыабай, үрдүк уҥуохтаах, күүс өттүнэн кыахтаах уолаттары атахтарыгар туруортаабытын сөҕөн хойукка диэри кэпсииллэр эбит. Бүөтүр ойохтонон 2 кыыс, 4 уол оҕолонон, Хахыр Аппанаас ойоҕунаан Этэгэй Маайалыын (Алексеева Мария Федотовна, 1908 с. т.) ииппит кыыстара Филиппова Валентина Афанасьевна, улахан уол Уйбаан икки кыыстаах уола уонна кэлиҥҥи онус уол Онотуор оҕолоро Алексей Семенович Захаров (Филиппов)-Хоҥкуй Өлөксөй аатын ааттатан, удьуорун уhаттылар. Алексей Семенович Захаров (Филиппов)-Хоҥкуй Өлөксөйдөөх Ахта Дьарааhын-Захаров диэн ыалларын уоллара үөрэхтэммитигэр ити күөл тула олорор дьон араспаанньаларын уларытан, бары Захаровтар буолан хаалбыттар. Баҕар, ол иhин бутуур тахсан, Хоҥкуй Өлөксөй аата ханна да суруллубакка умнууга хааллаҕа буолуон сөп.
Үчүгэй олох кэлэрин туhугар аҕыс уолун сүтэрбит Алексей Семенович Захаров (Филиппов)-Хоҥкуй Өлөксөй тоҕо умнууга хаалла? Тоҕо үйэтитии үлэтэ улуус, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барбатый? Биһиги Захаров (Филиппов) Алексей Семенович-Хоҥкуй Өлөксөй уонна тоҕус оҕоҕо күн сырдыгын көрдөрбүт ийэлэрэ Марфа Николаевна курдук дьоннорунан киэн туттуохтаахпыт уонна оҕонньор сырдык аатыгар сүгүрүйүөхтээхпит, кини аатын үйэтитиэхтээхпит!!! Бу биhиги ытык иэспит буоларын умнар сатаммат. Уолаттара ханна, хайдах хараллыбыттарын дуу, суоҕун дуу билбэт диэн төрөппүт киhиэхэ тугунан да кэмнэммэт ыар санаа буоллаҕа…
Маны таһынан ытык кырдьаҕас Хоҥкуй Өлөксөй аатын Ньурба улууһун Чаппанда эрэ нэhилиэгин иhигэр кэпсэнэриттэн таһааран, бүтүн өрөспүүбүлүкэ таhымыгар үйэтитии үлэтэ барара уолдьаста дии саныыбын уонна улуус, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо даҕаны сөптөөҕүнэн ааҕыахтара диэн эрэнэбин!
Кэлэр кэнчээри ыччаттарбыт маннык дьоннордоохпут диэн билиэхтээхтэр уонна киэн туттуохтаахтар! Эһиил, 2025 сылга Аҕа дойду сэриитэ бүтэн Кыайыы өрөгөйүн билбиппит 80 сылынан туох эмэ хамсааһын тахсаарай диэн эрэнэммин бу ыстатыйаны суруйдум.
Наталья Васильевна СТЕПАНОВА-КАРЕТНИКОВА.
Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…
Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ. -…
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…