Аҕа дойду сэриитигэр Улуу Кыайыыга аналлаах тэрээһин буолла

Share

Ыам ыйын 6 күнүгэр Аҕа дойду сэриитигэр Кыайыы 79 сылыгар аналлаах «Этот день мы приближали, как могли…» диэн тэрээһин буолла.

Өрөспүүбүлүкэ салалтатын аатыттан Улуу Кыайыы күнэ чугаһаабытынан СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов эҕэрдэлээтэ.
«Бу бэлиэ күн, бырааһынньык биһиги норуоппут өйүгэр-санаатыгар үйэлэргэ хаалыаҕа. Ол өйдөбүнньүгү Арҕаа дойдулар дураһыйыылара да, утары турааччылар киирэ-тахса сатааһыннара да симэлитэр кыахтара суох. Тоҕо диэтэххэ, хас да сыллаах кырыктаах сэрии, хас да мөлүйүөнүнэн сүтүк биһиги сүрэхпитигэр уонна өйбүтүгэр-санаабытыгар эрэ хаалбатаҕа, бүтүн Арассыыйа норуотун өйүгэр-санаатыгар хаалбыта. Бу күн биһиэхэ саамай улахан кылааты киллэрбит сэбиэскэй норуот Улуу Кыайыытынан буола туруоҕа. Бүгүн биһиги бэтэрээннэрбитигэр сүгүрүйэбит», -– диэтэ Георгий Степанов. Вице-премьер дойду уонна Саха сирин инникитэ ыччат илиитигэр баарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Долгутуулаах тэрээһиҥҥэ уоттаах сэрии толоонугар сырдык тыыннарын толук уурбуттары, сураҕа суох сүппүттэри, тыылга кыайыыны уһансыбыттары кэриэстээн, биир мүнүүтэ саҥата суох турдулар.
Саха сирэ дьоруойдуу уонна хорсун быһыытытан Аҕа дойду сэриитин устуоруйатыгар чаҕылхай суолу хаалларбыта. Саха сирин 24 буойуна Сэбиэскэй Сойуус дьоруойунан, биир байыас Арассыыйа Федерациятын дьоруойунан буолбута. Тыһыынчанан уолаттар уонна кыргыттар бойобуой уордьаннарынан уонна мэтээллэринэн наҕараадаламмыттара. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо тыылга тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатыгар судаарыстыба былаанын аһара толорбуттара.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

57 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

16 часов ago