Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ Наум Слепцову 100 сааһынан эҕэрдэлээтилэр
Кулун тутар 14 күнүгэр 100 сааһын туолбут Наум Трифонович Слепцовка Саха сирин уһун үйэлээҕин бэлиэтин үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар.
Наум Слепцов Таатта улууһун Чөркөөх сэлиэнньэтиттэн төрүттээх. 1945 сыл атырдьах ыйыгар Японияны кытары сэриигэ барбыта. 152-с стрелковай полк пулеметчига Хайдар кириэппэс-куорака кыргыһыыга кыттыбыта уонна «Бастыҥ пулеметчик» бойобуой бэлиэнэн наҕараадаламмыта.
Наум Трифонович 1950 сыллаахха демобилизацияланан баран, Аллайыаха, Горнай, Чурапчы, Томпо, Таатта улуустарыгар учууталынан үлэлээбитэ. Кириэс Халдьаайы уонна Бэрдьигэстээх орто оскуолаларыгар дириэктэрдээбитэ.
Сүүс саастаах Наум Трофимовиһы Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэйэтин суругар эҕэрдэлээтэ.
Дьокуускай куорат мэрэ Евгений Григорьев киин куорат олохтоохторун ааттарыттан:
«Биһиэхэ барыбытыгар үтүө холобур буоларгытыгар махтал. Олоххо тапталгытынан барыбытын куорат эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ, дойду, аан дойду таһымыгар көҕүлүүгүт. Биһиги өссө да элбэҕи оҥоруохпутун наада, ол иһигэр Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиэхпит», -– диэн эҕэрдэтин тириэртэ.
Наар үчүгэйи эрэ саныыр уонна сыалын-соругун толорорго дьулуурдаах Наум Трифонович билигин сүрүн соругунан 2025 сылга Арассыыйаҕа бэлиэтэниэхтээх Аҕа дойду Улуу сэриитин кыайыы 80 сылын көрсүү буолар.
Өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччы Георгий Михайлов 100 саастаах Наум Трифонович 80 саастарын бэлиэтиир бэйэтин үөрэнээччилэрин үбүлүөйдэригэр сылдьарын сөҕөрүн, ити Саха сирин уонна Арассыыйа сайдыытыгар олус элбэҕи оҥорбут учуутал киһиэхэ улахан дьолунан буоларын бэлиэтээтэ.
Наум Слепцовка Саха сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар кылаатын уонна өр сыллаах үтүө суобастаах үлэтин иһин «Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ» бочуоттаах аат иҥэрилиннэ. Ону сэргэ «Үйэ саас» өрөспүүбүлүкэ уһун олохтооҕун бочуоттаах бэлиэтинэн наҕараадаланна.
Наум Трифонович 96 сааһыгар саахымакка уонна дуобакка успуорт маастарыгар хандьытаатынан буолбута. Арассыыйа, Европа уонна аан дойду хас да көлүөнэ гроссмейстердарын, чөмпүйүөннэрин иитэн таһаарбыта.
«Миигин маннык үрдүктүк чиэстээбиккитигэр, наҕараадалары туттарбыккытыгар, ис сүрэххититтэн эҕэрдэлээбиккитигэр, өссө да уһун олоҕу баҕарбыккытыгар ис сүрэхпиттэн махтанабын.
50 сааһым буоларыгар 100 сааспар тиийиэм дии санаабат этим. Онтон 90 сааспын туоларбар 100 сааспын туоларга дьулуспутум. Онон, сахам норуота уһун үйэлээхтэр ахсааннарыгар киирэригэр сэмэй кылааппын киллэрдим дии саныыбын», -– диэн Наум Слепцов санаатын үллэһиннэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: