Аҕа дойду улуу сэриитин бэтэрээнэ Василий Иванов хорсун быһыыларын туһунан кинигэни Владимир Путиҥҥа көрдөрүөхтэрэ
Дьокуускайга Владимир Путины өйүүр ыстаап уопсастыбаннай приемнайыгар ураты этии киирбит. Сэбиэскэй саллааттартан бастакынан Гитлер бункерыгар киирбит Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнин сиэнэ, эһэтэ дойду баһылыгар анаабыт кинигэтин Владимир Путиҥҥа тиэрдэллэригэр тиксэрбит. Фронтовик автобиографическай сэһэнигэр Саха сириттэн сылдьар көннөрү саллаат фашизмы утары хайдах охсуспутун туһунан кэпсэнэр. Бу туһунан Якутия 24 суруйар.
“Владимир Путин – аан дойду лидерэ, саҥа фашистыы идеологияны уонна кинилэри тутуһааччылары кытта аһаҕастык охсуһар сирдээччи”, — диэн сиэнэ бэлиэтээбит.
“Я вернусь…” диэн ааттаах Василий Иванов автобиографиятыгар ыраах Саха сирин сэлиэнньэтин боростуой уолун олоҕун устуоруйата уонна бүтүн судаарыстыба, Сэбиэскэй Сойуус устуоруйата биир саамай уустук уонна алдьархайдаах кэмҥэ – Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр тиһиллибиттэр. Кинигэҕэ Саха сирин сэрии иннинээҕи кэмэ ахтыллар, кыргыһыы уонна фроннааҕы олох-дьаһах сиһилии кэпсэнэр. Уонна биллэн турар, олоххо көҕүлүүр финал – эйэлээх олох уонна Василий Давыдовичка тапталлаах Сахатын сирин туһугар үгүс үтүө дьыаланы оҥорууга сирдиир төрөөбүт дойдутугар эргилии.
Кинигэ ааптара Василий Иванов 1923 сыллаахха сэтинньи 24 күнүгэр Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1942 сыллаахха бэйэтэ тылланан фроҥҥа барбыта, чуҥнааччынан сылдьыбыта. Сталинградка сэриилэспитэ, Варшаваны босхолоспута уонна Берлинскэй истиэнэҕэ кимэн киириигэ кыттыбыта. Гитлер бункерыгар киирбит сэбиэскэй байыаннай сулууспалаахтартан биир бастакылара буолар. Уонна Саха сириттэн Потсдамскай кэмпириэнсийэҕэ бочуоттаах караулга турбут соҕотох киһи, ону тэҥэ, Нюрнбергтааҕы хаамыы түмүктүүр мунньаҕар сылдьыбыта. Тоҕус бойобуой наҕараадалаах.
Сэрии кэнниттэн Мииринэйи тутууга кыттыбыта, Мииринэй уонна Бүлүү куораттарын бочуоттаах олохтооҕо.
Санатан эттэххэ, Владимир Путин нэһилиэнньэ этиитин ылар уопсастыбаннай приемнайа Саха сиригэр ахсынньы бүтүүтүттэн үлэлиир.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: