Салгыы
Аҕа дойду Улуу сэриитин саҕана мобилизация хайдах этэй?

Аҕа дойду Улуу сэриитин саҕана мобилизация хайдах этэй?

Ааптар:
09.05.2023, 18:00
Хаартыска Ярославскай аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл пуондатыттан.
Бөлөххө киир:

Биллэрин курдук, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Саха сириттэн  62 343 киһи ыҥырыллан кыргыһыы хонууларыгар айаннаабыта. Билиҥҥи кэмтэн оччотооҕу мобилизация түгэннэрин өйдүүр олус ыарахан. Тыйыс кыһыннаах, киэҥ нэлэмэн дойдубут араас уһуктарыттан төрөөбүт улуустарыттан эрдэ ырааппатах эр дьон хомуллан, Арассыыйа Европатааҕы эрэгийиэннэригэр тиийиилэрэ туспа кыһалҕа буоллаҕа. 1941 сыллааҕы мобилизация, 1945 сылтан саҕаламмыт демобилизация туһунан ахтан ааһыаҕыҥ.

Сэрии саҕаланыыта

Бэс ыйын 22 күнэ – ыһыахтар үгэннэрэ. Холкуостаахтар күөххэ үктэнэн, кымыс көөнньөрөн сайыны көрсүү үөрүүтүн үллэстэ хомуллубут кэмнэригэр суостаах сурах кэлэр. Дьиҥэр, алта чаас арыттаах буоламмыт, Дьокуускайга сэрии саҕаламмытын туһунан киэһээ билэллэр. 1941 сыл бэс ыйын 22 күнүгэр ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Президиума арҕаа байыаннай уокуруктарга 1905-1918 сс. төрүөх байыаннай эбээһинэстээхтэри мобилизациялыыр туһунан ыйаах та­­һаарар.

Саха сиригэр хомуур от ыйыттан саҕаланар, ол эрэн, сэрии маҥнайгы күннэриттэн саба түспүт өстөөҕү утары сэриилэһиэн баҕарар доброволецтар сайабылыанньалара киирэн барар. Ол курдук, Дьокуускайдааҕы байаҥкамаакка бастакы нэдиэлэ устата 400-тэн тахса киһиттэн са­­йабылыанньа киирэр. Уобалас байаҥкамаатыгар араас улуустартан 230 баҕа өттүнэн тута барар санаалаах дьонтон са­­йабылыанньа киирэр. Манна сибээс мөлтөҕүн учуот­туох тустаахпыт – үксүн тэлэгирээмэ, радиограмма эрэ ньыматынан ыытыллыбыт сайабылыанньалар учуоттаннахтара.

Сэрии маҥнайгы сылыгар Саха сириттэн 17079 киһи ыҥырыллар. Бу иннинэ 1000 кэриҥэ байыаннай идэлээх саха РККА кэккэтигэр сэрии­лэһэ сылдьара. Олор истэригэр И.Ф. Ларионов – батальон хамандыыра, Д.Д. Оллонов – танкист.

Дьон ахтыыларыттан сылык­таатахха, ыгылыйыы түгэннэрэ бааллара – сорох олус “кыһамньылаах” хамыһаар­дар дьоннорун кытта бырастыылаһыннарбакка, сонно тута ыытардыы үтүрүйэн, үүрэн илдьэ барбыттара дьону соһуппут. Сорох уолаттар куотан, төттөрү төннөн дьиэ кэргэттэрин кытта киһилии быраһаайдаһарга соруммуттар.

Сэрии иккис сылыгар ордук элбэх киһи мобилизацияламмыт – 23 747.  Онтон 1943 – 13894, 1944 с. 5068 уоттаах сэриигэ аттаммыттар.

Сайын – борохуотунан, кыһын – массыынанан

Мобилизация сүрүн кыһалҕатынан призывниктары тиэйии буолбута. Оройуон киинигэр нэһилиэктэртэн үксүн сатыы тиийэллэрэ. Оттон Дьокуускайга ыраах оро­йуоннартан уунан, чугастартан сатыы даҕаны кэлэллэрэ. Сайын өрүһүнэн айанныыллара – бастаан Өлүөнэ өрүһүнэн Уус-Кутка хомуур пуунугар тиксэрэллэрэ, онтон Ангаранан Иркутскай куоракка айанныыллара. Оччотооҕу суол-иис мөлтөҕөр айан ыараханнык ааһара, борохуот, массыына тиийбэтэ. Ол да буоллар, мобилизация сөптөөх тэтиминэн барбыта, докумуоннар көрдөрөллөрүнэн, тэрээһин улахан сыыһалара суох ааспыт.

Холобур, призывниктары арыаллаабыт старшай лейтенант Никитин дакылаатын ааҕабыт:

«1941 сыл бэс ыйын 30 күнүгэр 468 киһи састааптаах ба­­йыаннай эбээһинэстээхтэр эшелоннарын туттубут. Атырдьах ыйын 21 күнүгэр 464 киһилээх эшелон тиксэр сиригэр тиийдэ. 4 киһи итэҕэһэ: 2 киһи ыалдьан, 1 киһи Дьокуускайдааҕы байаҥкамаат дьаһалынан төннөн, 1 киһи Иркутскай куоракка уоппускаттан төннүбэккэ. Айан былаан быһыытынан ааста, арай Заярскай куоракка 3 суукка борохуот күүтэн тохтооһун үөскээбитэ. Усть-Кутка тохтобула суох ааспыппыт, Иркутскайтан кэлбит күммүтүгэр айаннаабыппыт. Эшелон айан кэмигэр кытаанах дьиссипилиинэ эрэсиимин тутуста. Строевой эрчиллиини “Коммуна” баржа палубатыгар уонна оттук маһы тиэйии кэмигэр хонууга ыыппыппыт.

Аһынан хааччыйыы туһунан 3-с хомуур эшелонун хамандыырын Наумов дакы­лаатыттан билэбит: “Борохуокка атырдьах ыйын 1 күнүгэр түүннэри тиэммиппит. Витимҥэ килиэп саппааһын туттарарга күһэллибиппит – 2800 киилэ килиэп түүнүгүрэн барбыта. Миэстэтигэр 2 туонна эрэ килиэби ылбыппыт, кинилэргэ оччо эрэ баара. “Ленин” борохуот кэнниттэн аспыт-үөлбүт мөлтөөбүтэ. “Ангара” борохуокка ас астыыр иһит тиийбэт этэ. Хорчоххой паегунан аһаабыппыт, онтукабыт нуормаҕа тиийбэт этэ. Биһиги асчыппыт айан 5 күнүн устата иккитэ хааһы, биирдэ миин астаабыта. Иркутскайга биир күн күүттэрдилэр, килиэп даҕаны, харчы даҕаны биэрбэтилэр. Атырдьах ыйын 18 күнүгэр чааспытыгар тиийдибит”.

Кыһынын «ЗИС» уонна «ГАЗ» таһаҕас тиэйэр массыыналарынан тиксэрэллэрэ. Дьокуускайтан Тындаҕа диэри лаппа үчүгэйдик айаннаатахтарына, нэдиэлэ иһинэн тиийэллэрэ. Айан суолун тухары иттэр, массыынаны уматыгынан хааччыйар пууннар олохтоммуттар. Тиит Арыыга, Чурааҥҥа, үөһээ Аммаҕа уонна Алдаҥҥа хонор бараактар, өрөмүөннэнэр пууннар турбуттар. Биллэн турар, массыына айана ордук элбэхтэ кыраапык­тан хойутааһын сылтаҕа буол­бута. САССР Суолун салалтатын начаалынньыга Самарин биир хойутааһын туһунан бу курдук дакылааттыыр:

“Кыраапыктан тахсыы биричиинэтэ: а) Госкомтранс  ГАЗ-АА массыыната алдьанан холуонна тохтобула таҕыс­та; б) Дальстрой  «ЗИС-5» массыыната хаста даҕаны мотуора аһары итийэн тохтобул үөскэттэ, 4-с кыстыкка тиийэн баран бүтэһиктээхтик алдьанна. Суол кэмигэр икки эбии массыынаны ыларга күһэлиннибит, онтон ыла холуонна тохтобула суох айаннаата”.

Бронь – солбудаһык көстүөр диэри

Мобилизацияттан босхолонуу, бастатан туран, кыра ахсаан­наах омук дьонугар сыһыаннааҕа. Холобур, аатырбыт Аҕа дойду сэриитин Дьоруойа Кульбертинов “саха” диэн суруттаран барбытын бастакы наҕараадаларын докумуоннара туоһулууллар. 1944 сылтан эрэ кини байыаннай докумуоннарыгар “эбэҥки” диэн суруллан барар.

Сэрии саҕаламмыт сылыгар фроҥҥа барартан босхолонууга тыа сирин тутаах үлэһиттэрэ – мэхэньисээтэрдэр, тырахтарыыстар, суоппардар киирбиттэр. Ол эрэн, сэриигэ маннык идэлээх дьон олус ирдэнэрэ, онон ити бронь көтүрүллүбүтэ. Бырамыысыланнас эйгэтиттэн сир баайын хостооһуҥҥа үлэлии сылдьар дьону эмиэ бас­таан утаа ылбат этилэр. Онтон эр дьону барыларын ыҥыран барбыттара, онно даҕаны биир сүрүн усулуобуйа тутуһуллара – стратегическай суолталаах үлэттэн фроҥҥа барар киһи оннугар хайаан даҕаны солбудаһык баар буолуохтаах. Дьахталлар уонна үүнэр көлүөнэ суһаллык куурустарга үөрэнэн эр дьону көмүс, чох, туус уо.д.а. сир баайын хостуур тэрилтэлэргэ сэриигэ ба­­рааччылары солбуйан барбыттара.

Эргиллии

1945 сыл атырдьах ыйын 15 күнүгэр Саха сиригэр бастакы 21 саллаат төннөн кэлбитэ. Үгүстэрэ Мэҥэ Хаҥаластан уонна Бүлүүттэн ыҥырыллыбыт буойуннар этилэр. Алтынньы 1 күнүн туругунан, сэрииттэн 1900 киһи эргиллибит, олортон 1083 киһи төрөөбүт оройуоннарыгар аттаммыт, 220 киһи дойду­лаары Дьокуускайга тох­тоон олорбут. Архыып доку­муоннара туоһулуулларынан, 1946 сыл олунньу 28 күнүгэр 6378 фронтовик Саха сиригэр үктэммит. Демобилизация тиһэх түһүмэҕэ 1948 сыл кулун тутарыгар саҕаламмыта. Сэрии кэннинээҕи демобилизация кэмигэр Сэбиэскэй Сойуус Сэбилэниилээх Күүстэригэр  баар 11,5 мөлү­йүөн сулууспалыыр дьон ахсаана 3 мөлү­йүөҥҥэ диэри аччаабыта. Сорох сахалар дойдуларын 50-с сыллар саҕаланыыларыгар булбуттара. Хойутаан да соҕус буолар, тыыннаах дойдуга төннүү үөрүүтэ улахан буоллаҕа…

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: