Саха сиринээҕи “Аҕа дойдуну көмүскээччилэр” анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр судаарыстыбаннай пуонда филиала 2024 сылга мэдиссиинискэй уонна уйулҕа-психотерапевтическэй боппуруостарынан киирбит 1390 туһааннаах ыйытыынан үлэлэстэ, ол иһигэр 255 ыйытыы бойобуой дьайыылар бэтэрээннэриттэн киирбитэ. 136 киһи, ол иһигэр 32 бэтэрээн мэдиссиинискэй реабилитацияны бардылар.
Бу туһунан “Аҕа дойдуну көмүскээччилэр” судаарыстыбаннай пуонда филиалын мэдиссиинискэй арыаллааһыҥҥа салайааччытын солбуйааччы Татьяна Никифорова иһитиннэрдэ.
СӨ Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтин кытта түһэрсиллибит сөбүлэһии чэрчитинэн байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр, ол иһигэр 100 байыаннай дьайыылар бэтэрээннэригэр 453 мэдиссиинэ көмөтө оҥоһуллубут.
“Санаторнай-куруортунай эмтэниини 46 киһи, ол иһигэр 4 бэтэрээн “Бэс Чагда” (Москва), “Чэбдик”, “Абырал” (Дьокуускай) санаторийдарга ыллылар. Уйулҕа-психотерапевтическэй көмө Пуонда филиалын дьиэтигэр 745 киһиэхэ, ол иһигэр 117 байыаннай дьайыылар бэтэрээннэригэр оҥоһулунна”, — диэн бэлиэтээтэ Татьяна Никифорова.
Кини этэринэн, СӨ Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтэ муус устар 4 күнүттэн анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар — байыаннай дьайыылар бэтэрээннэригэр мэдиссиинискэй көрүүнү уонна диспансеризацияны ыытар. 256 киһи бу диспансеризацияны ааспыт.
“Клиническэй психолог сүбэтин 157 киһи, эбии чопчулаан көрөр исписэлиистэри 173 киһи аастылар. Байыаннай дьайыылар бэтэрээннэригэр ыытыллар диспансеризация бу сыл бүтүөр диэри салҕаныа”, — диэн эбэн эттэ.
Санатан эттэххэ, Саха сиринээҕи “Аҕа дойдуну көмүскээччилэр” анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр судаарыстыбаннай пуонда филиала маннык аадырыска баар: Дьокуускай, Ойуунускай уул. 41/1 №-дээх дьиэтигэр, диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…