Салгыы
Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр эр дьон туох бэлэҕи ылыан баҕарар эбитий?

Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр эр дьон туох бэлэҕи ылыан баҕарар эбитий?

15.02.2023, 18:00
Хаартыска: perfectstock.ru
Бөлөххө киир:

Халлаан сылыйан, күнүһүн күн сандаарыччы тыган, кэрэ аҥаардар Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр номнуо тугу бэлэхтииллэрин толкуйдаан эрэллэр.

Дьахталлар үксүн таҥас-сап, парфюмерия, харчы, бытык хорунар, бытархай мал-сал, сувенир, үстүрүмүөн, арыгы, сувенир бэлэхтииллэр, сорохтор бэлэх оннугар болҕомтолорун уураллар эбит. Бэлэххэ ортотунан 2500 солк. барыыбыт диэбиттэр. Бу анал ыйытык түмүгэр көстүбүт.

Оттон ис дьиҥэр эр дьон туох бэлэҕи ылыан баҕарар эбитий? Баҕар, кимиэхэ эрэ туһалыаҕа. Ол курдук ыйытыкка кыттыбыт эр дьон маннык хоруйдаабыттар:

13% — харчынан ылыахтарын баҕараллар;

8% — бэлэх оннугар чугас дьонуттан болҕомтону, тапталы эрэйэллэр;

7% — таҥас күүтэллэр;

6% — чопчу тугун билбэттэр эрээри, бэлэх тутуохтарын баҕараллар;

5% — тиэхиньикэ эбэтэр саҥа төлөпүөн;

4% — массыына, матасыыкыл;

3% — быһах, сынньалаҥ, айан;

2% — кинигэттэн аккаастаныахпыт суоҕа этэ диэбиттэр;

1% — киинэҕэ билиэт.

Мантан атын тугу ылыаҥ этэй диэн ыйытыкка күүстээх аҥаар 17% арыгы, үстүрүмүөн, массыынаҕа туһаныллар мал-сал, булка-алтка, балыкка сыһыаннаах тэрил, успуорка сыһыаннаах таҥас-сап диэн хоруйдаабыт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: