«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда байыаннай дьайыы бэтэрээннэригэр көмөлөһөр, өйөбүлү оҥорор

Share

«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда филиалыттан иһитиннэрбиттэринэн, уопсайа 6 700 тахса киһи көмө-өйөбүл көрдөөбүт.

Үксүлэрэ үлэ-хамнас туһунан ыйыталлар, сураһаллар.

Ил Дархан Айсен Николаев бу пуонда үлэтин үрдүктүк сыаналыыр. Пуонда филиалыгар байыаннай сулууспалаахтарга көмөлөрүн, өйөбүллэрин иһин махтанан бэйэтин ТГ-ханаалыгар суруйбут.

«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда филиалын социальнай боппуруостарга салайааччытын солбуйааччы Лилия Голикова ыйытыы үксэ үлэҕэ сыһыаннааҕынан, нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуу киинин кытары үлэ ыытылларын бэлиэтиир. Ол курдук 294 киһи үлэ-хамнас туһунан сураспыт. Үлэ көрдөөччүлэргэ анаан түөртэ дьаарбаҥка ыытыллыбыт. Дьаарбаҥкаҕа 274 киһи сылдьыбыт, 39 тэрилтэ кыттыыны ылбыт. Үлэ биэрээччилэр ортолоругар «СӨ ОДьКХ» ГУП, «Колмар», уо.д.а. бааллара ыйыллар.

«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда филиала РФ Бэрэсидьиэнэ В.Путин соруйуутунан, Саха сиригэр 2023  сыллаахха ыам ыйын 30 күнүттэн үлэтин саҕалаабыта.

Пуонда сүрүн соругунан байыаннай дьайыы кыттыылаахтара өйөбүл миэрэлэринэн туһаналларыгар көмөнү оҥоруу буолар, ол иһигэр мэдиссиинэ көмөтүнэн, социальнай өйөбүлү оҥорууга, эминэн-томунан хааччыллыыларыгар, психологическай көмө оҥоһуллуутугар, санаторийга-куруорка эмтэнэллэригэр, үлэ булалларыгар, о.д.а.

«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда филиалын аадырыһа: Дьокуускай, Ойуунускай уул. 41/1.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүкүүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүкүүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

4 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Быйыл икки аэропорду саҥардан оҥоруохтара

2025 сылга өрөспүүбүлбүкэҕэ икки аэропорду саҥардан оҥорууну түмүктүөхтэрэ уонна саҥаны тутуохтара. Ил Дархан Айсен Николаев…

5 часов ago