«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда филиала байыастарга көмөлөһөр
Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан тэриллибит «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр Судаарыстыбаннай пуонда филиала Саха сиригэр бэс ыйын 1 күнүттэн үлэтин саҕалаабыта.
Үлэлэрин хайысхаларыттан биирдэстэринэн — бэтэрээннэри, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын үлэнэн хааччыйыы буолар. Ол курдук, бу филиал уонна Дьокуускай куорат дьарыктаах буолуутун киинин үлэһиттэрэ соторутааҕыта бэтэрээн, байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Иван Г. үлэ буларыгар көмөлөстүлэр. Кини доруобуйатын көрдөрөрүгэр уонна үлэ буларыгар көмөлөһөллөрүгэр көрдөспүт.
2022 сыл ахсынньытыттан ДНӨ сиригэр-уотугар байыаннай сулууспаҕа сылдьыбыт, «За отвагу» мэтээлинэн иккитэ наҕараадаламмыт. Хантараагын кэнниттэн дойдутугар төннөн кэлэргэ быһаарыммыт.
Социальнай сүрүннээччи көмөтүнэн байыаннай сулууспалаах медико-социальнай эспэртиисэҕэ доруобуйатын көрдөрө ыытыллыбыт, ол түмүгүнэн киниэхэ инбэлиитинэн биэнсийэ анаммыт.
Социальнай сүрүннээччи Дьокуускай куорат дьарыктаах буолуутун киинин кытта бэтэрээни «Чолбон» успуорт оскуолатыгар үлэҕэ киирэригэр көмөлөспүттэр.
«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда Саха сиринээҕи филиалыгар көмөлөрүн иһин махтанабын. Саҥа олоҕу саҕалыыр, үлэни булар хаһан да хойут буолбатах дии саныыбын. Дьиэ-уот туттар, ыал буолар ыра санаалаахпын«, — диир Иван Г.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: