«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда филиала байыастарга көмөлөһөр

Share

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан тэриллибит «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр Судаарыстыбаннай пуонда филиала Саха сиригэр бэс ыйын 1 күнүттэн үлэтин саҕалаабыта.

Үлэлэрин хайысхаларыттан биирдэстэринэн — бэтэрээннэри, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын үлэнэн хааччыйыы буолар. Ол курдук,  бу филиал уонна Дьокуускай куорат дьарыктаах буолуутун киинин үлэһиттэрэ соторутааҕыта бэтэрээн, байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Иван Г. үлэ буларыгар көмөлөстүлэр. Кини доруобуйатын көрдөрөрүгэр уонна үлэ буларыгар көмөлөһөллөрүгэр көрдөспүт.

2022  сыл ахсынньытыттан ДНӨ сиригэр-уотугар байыаннай сулууспаҕа сылдьыбыт, «За отвагу» мэтээлинэн иккитэ наҕараадаламмыт. Хантараагын кэнниттэн дойдутугар төннөн кэлэргэ быһаарыммыт.

Социальнай сүрүннээччи көмөтүнэн байыаннай сулууспалаах медико-социальнай эспэртиисэҕэ доруобуйатын көрдөрө ыытыллыбыт, ол түмүгүнэн киниэхэ инбэлиитинэн биэнсийэ анаммыт.

Социальнай сүрүннээччи Дьокуускай куорат дьарыктаах буолуутун киинин кытта бэтэрээни «Чолбон» успуорт оскуолатыгар үлэҕэ киирэригэр көмөлөспүттэр.

«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда Саха сиринээҕи филиалыгар көмөлөрүн иһин махтанабын. Саҥа олоҕу саҕалыыр, үлэни булар хаһан да хойут буолбатах дии саныыбын.  Дьиэ-уот туттар, ыал буолар ыра санаалаахпын«, — диир Иван Г.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

5 часов ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

5 часов ago