«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда филиалын тэрээһиннэригэр 27 тыһ. тахса киһи хабыллыбыт
«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда филиалын тэрээһиннэригэр 27 тыһ. тахса киһи хабыллыбыт. «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда филиала үлэтин салгыыр.
—Филиал аһыллыаҕыттан 350 тэрээһин ыытылынна, барыта 27 тыһ. тахса киһи хабылынна, — диэн иһитиннэрэр тустаах филиал уопсастыбаннай бырайыактарга салайааччытын солбуйааччы Симона Томская.
От ыйыттан «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда «Знание» уопсастыбаны кытары «Аҕа дойдуга сулууспалыыбын» Арассыыйатааҕы аахсыйаны саҕалаабыт. Аахсыйа чэрчитинэн бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ лиэксийэлэри, эр санааланыы уруоктарын ыыппыттар, оҕо сайыҥҥы чэбдигирдэр лааҕырдарыгар 500 оҕону хабан көрсүһүүлэри тэрийбиттэр.
Атырдьах ыйын 9 күнүгэр филиал баазатыгар сэминээр ыытыллыбыт. Манна бэтэрээннэр «Знание» Арассыыйа уопсастыбатын сүнньүнэн ыытыллар тэрээһиннэр, аудиторияны кытары үлэ уратытын, ньымалары уонна матырыйаалы билиһиннэрии, презентацияны бэлэмнээһин туһунан, уо.д.а. болҕомтолорун уурбуттар.
Атырдьах ыйын 10 күнүгэр «Туймаада» стадиоҥҥа Арассыыйаҕа Физкультурник күнүнэн «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда филиала СӨ физическэй култууратын уонна успуордун министиэристибэтин, адаптивнай көрүҥнэргэ успуорт киинин кытта бииргэ тэрийиилэринэн, байыастарга маастар-кылаастар, армрестлиҥҥэ турнир ыытыллыбыт.
Маны сэргэ, байыастар дьиэ кэргэттэрэ «Аҕа дойдуну көмүскээччи дьиэ кэргэнэ» хаартысканан бырайыакка кыттыбыттар. Кинилэр ортолоругар «Знание» уопсастыба лектордара, уопсастыбаннай түмсүүлэр бэрэссэдээтэллэрэ, спортсменнар, оҕону, ыччаты патриотическай иитиигэ бэйэлэрин кылааттарын киллэрсээччилэр бааллар. Хаартыскалар «Арассыыйа — мин устуоруйам» пааркаҕа атырдьах ыйын 22 күнүгэр «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр дьиэ кэргэттэрэ» хаартысканан быыстапкаҕа көрдөрүллүөхтэрэ.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: