Салгыы
«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда филиалын үлэтэ

«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда филиалын үлэтэ

Ааптар:
15.05.2024, 11:30
Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда филиала үлэтин саҕалыаҕыттан, алта тыһыынчаттан тахса киһи сибээстэспит.

Ол иһигэр, 1800-тэн тахса бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ, уо.д.а. Бу туһунан пуонда  социальнай арыаллааһыҥҥа салайааччытын солбуйааччы Лилия Голикова иһитиннэрэр.

«Пуонда биир сүрүн хайысхатынан байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кытары үлэ буолар. Арассыыйа социальнай пуондатын уонна мэдиссиинэ-социальнай эспэртиисэ бюротун кытары инбэлиит буолбут байыаннай сулууспалаахтар учуокка турбуттарын көрүү, чопчулааһын ыытыллар«, — диэн этэр Лилия Голикова.

Кинилэр кыһалҕаларын быһаарарга, тэхиньиичэскэй реабилитациялааһын сириэстибэлэринэн хааччыйыыга үлэ ыытыллар. Ол курдук, бу доруобуйаларын чөлгө түһэриинэн, чэбдигирдиинэн дьарыктаныан баҕалаахтарга спортивнай протезтар, спортивнай кириэһилэ-кэлээскэлэр буолаллар.

Улуустар дьаһалталарын уонна инбэлииттэр Арассыыйатааҕы уопастыбаларын эспиэрдэрин кытары көмөлөөн үлэ ыытыллар. Хамыыһыйа Кэбээйи, Ленскэй, Нерюнгри, Хаҥалас улуустарыгар уонна Дьокуускайга уонтан тахсата сылдьыбыт. Пуонда экспертнэй сэбиэтин көрүүтүгэр билиҥҥи туругунан 11  сайаапка киирэн сытара этиллэр.

Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3399017  ааҕыаххытын сөп.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: