Салгыы
«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда филиалын үлэтиттэн

«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда филиалын үлэтиттэн

Ааптар:
29.07.2024, 13:00
Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

Пуонда филиала улуустар дьаһалталарын уонна инбэлииттэр уопсастыбаннай тэрилтэлэрин кытары байыаннай дьайыыга кыттыбыт инбэлииттэргэ адаптацияланалларыгар көмө-өйөбүл оҥорор.

Бу туһунан брифиҥҥэ СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов иһитиннэрдэ.

Билиҥҥи кэмҥэ бойобуой дьайыы икки инбэлиит бэтэрээнэ спортивнай протезтары ыллылар. Өссө түөрт киһи протез оҥотторо барбыта. Үс киһи доруобуйатын чэбдигиртэ. Алта инбэлиит бэтэрээн олорор дьиэтигэр сылдьарга табыгастаах буоларын курдук монтажтыыр үлэлэр ыытыллаллар, — диэн этэр Георгий Степанов.

Вице-премьер иһитиннэрбитинэн, бүгүҥҥү күҥҥэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын 113 дьиэ кэргэттэригэр дьиэлэрин гаастааһыҥҥа материальнай көмө оҥоһуллубут. Байыаннай сулууспалаахтар төрөппүттэрэ, 358 киһи, санаторийга-куруорка эмтэнэр. Байыаннай сулууспалаах эмтэнэр сиригэр тиийэргэ материальнай көмөнөн 310 киһи туһаммыт. 759 байыас уонна кинилэр дьиэ кэргэттэриттэн 1217 киһи доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэригэр доруобуйаларын чэбдигирдиигэ сылдьыбыттар.

Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун кииннэригэр 536 киһи үлэ-хамнас ыйыталаспыт. Ол иһигэр 182 байыаннай дьайыы кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэриттэн 354 киһи. Итинтэн 118 киһи үөрэххэ ыытыллыбыт, 321 киһи үлэнэн хааччыллыбыт.

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө, өйөбүл салҕанар.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: