«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда иһинэн психологическай кэбиниэт үлэлиир
Байыаннай сулууспалаахтарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологическай көмө үлэтэ тохтообокко ыытыллар. Байыаннай эпэрээссийэ ыытыллыаҕыттан 7100 кэриҥэ тустаах консультация оҥоһуллубут.
Бу нэдиэлэҕэ «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» («Защитники Отечества») пуонда иһинэн псхологическай көмөнү оҥорор тустаах кэбиниэт аһыллыбыта. Бу туһунан бүгүн Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай киин дириэктэрэ Владимир Скрябин иһитиннэрдэ. Кини иһитиннэрбитинэн, психологическай көмө үрдүк таһымнаахтык тэрийиллэр. «Сөптөөх көмө эрдэ оҥоһуллубатаҕына, уйулҕа өттүнэн оҕустарыыны ылыахха сөп. Тустаах кэбиниэккэ психологтары кытта психотерапевт-быраастар бары өттүнэн сөптөөх комплекснай бэрэбиэркэни ыытыллар», — диэн Владимир Скрябин иһитиннэрдэ.
Санатар буоллахха, ыйытыылаахтар уонна санааларын толору этиниэн баҕалаахтар 122 эбэтэр 8-800-100-35-50 диэн нүөмэрдэргэ эрийиэхтэрин сөп. Оттон суруттаран баран, сүбэ-ама ылыан баҕалаахтар 31-91-09 диэн нүөмэргэ эрийэн билсиэхтэрин сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: