«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда Саха сиригэр бэтэрээннэргэ салгыы көмө оҥорор

«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда Саха сиригэр бэтэрээннэргэ салгыы көмө оҥорор

Ааптар:
01.10.2024, 17:30
Бөлөххө киир:

«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» судаарыстыбаннай пуондаҕа араас консультациялары, ол иһигэр юридическай көмөнү ылыахха сөп. 

Пуонда үлэтин саҕаланыаҕыттан 27 тыһ. тахса этии киирбит. Брифинг кэмигэр «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр»  байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр судаарыстыбаннай пуонда филиалын социальнай арыаллааһыҥҥа салайааччыны солбуйааччы Лилия Голикова иһитиннэрдэ.

«Сулууспалаахтартан уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэриттэн 63 %- тан тахса ыйытыы киирэр. Байыаннай дьайыы түмүгэр инбэлиит буолбут уонна мобилизацияттан босхоломмут байыаннайдары учуокка туруоруу салҕанар», — диэтэ Лилия Голикова. Пуонда  салайааччытын солбуйааччы тэрилтэҕэ 60-ча инбэлиит учуокка турарын, ону кытта кинилэргэ ый ахсын социальнай координатордар сылдьалларын туһунан иһитиннэрдэ.

Федеральнай испииһэккэ киирбэтэх реабилитациялыыр тэхиниичэскэй маллары уонна оборудованиены буларга үлэ ыытыллар. Көхөөх олоҕу салҕыыр бэтэрээннэргэ протезтар уонна кэлээскэлэр атыылаһыллаллар. Дьиэлэринэн  адаптациялааһын үлэтэ эмиэ барар.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 октября
  • 3°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 87% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: