«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда филиалын салайааччытын Алексей Александровы кытта көрсүһүүгэ Ил Дархан Айсен Николаев үлэни үрдүктүк сыаналаата уонна инникитин бары улуустары хабарга сорудахтаата.
Социальнай координатордар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын, байыаннай сулууспаттан кэлбит, инбэлиит дьону, ону тэҥэ сүтүктээх дьиэ кэргэттэри кытта үлэлэһэллэр. Кинилэр сүбэ-ама биэрэллэр, өйөбүл, үлэ уонна да атын боппуруостарга бииргэ үлэлэһэллэр.
Саха сиригэр билиҥҥи туругунан 44 координатор, итинтэн аҥаардара Дьокуускайга, уоннааҕылар улуустарынан үлэлииллэр. Бүгүҥҥү иһитиннэриинэн 12 арктическай улуус социальнай координаторынан хабыллыбатах.
«Саха сиригэр координатордар байыаннай сулууспаттан босхоломмут байыастары, уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин, уопсайа 2500 тахса киһини кытары үлэлэһэллэр. Итиннэ инбэлииттэр эмиэ бааллар. Кинилэри кытта доруобуйаны чэбдигирдиигэ, чөлүгэр түһэриигэ, тэхиньиичэскэй тэрилинэн хааччыйыыга, дойду бастыҥ килиинэкэлэригэр протез боппуруоһугар, уо.д.а. хайысхаларынан ыкса ылсан үлэлэһэбит», — диир Алексей Александров.
Кини филиал аһыллыаҕыттан көмө, өйөбүл боппуруоһунан 7,5 тыһ.киһи ыйыталаспытын, чопчуласпытын этэр. 30 тыһ.тахса араас ыйытыы киирбит. Үксэ социальнай өйөбүгэ, үп-харчы боппуруоһугар, төлөбүр туһунан, доруобуйаны чэбдигирдиигэ, босхо юридическай сүбэни оҥорууга, о.д.а. ыйыталаспыттар. Маны сэргэ бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрин дастабырыанньатын туһунан ыйытыылар эмиэ бааллар диэн этэр.
Саха сирэ «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» судаарыстыбаннай информационнай ситими олоххо киллэрэргэ пилотнай эрэгийиэҥҥэ киллэриллибит. Былаһаакка байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын социальнай өйөөһүҥҥэ көдьүүһү үрдэтэргэ көмөлөһөр. Манна сүрүн соругунан инбэлииттэр кыһалҕалаах боппуруостарын быһаарыы, эми-тому биэрэр туһунан сайабылыанньаны ылыы, уо.д.а. киирэллэр.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Андрей Сорокин хаартыскаҕа түһэриитэ, СИА
Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…
Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…
Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…
Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…
Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…