Салгыы
«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда ыйытыылары быһаарарга көмөлөһөр

«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда ыйытыылары быһаарарга көмөлөһөр

Ааптар:
24.09.2024, 18:11
Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда Саха сиринээҕи филиалыгар быйыл 17 тыһыынчаттан тахса ыйытыы киирбит. Бу туһунан филиалы салайар Алексей Александров иһитиннэрэр.

«Быйыл балаҕан ыйын 20  күнүнээ5и дааннайынан, филиалга уопсайа 3600-тэн тахса байыас уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ ыйытыыларын биэрбиттэр. Барыта 17 тыһыынчаттан тахса боппуруос. Итинтэн 95 %-тан тахсата быһаарылынна«, — диэн этэр кини.

Филиал социальнай координатордара 2 400- тэн тахса гражданы — бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрин уонна байыаннай дьайыыга олохторун толук уурбут байыастар дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин, ол иһигэр инбэлииттээх 68 бэтэрээни кэлимник көрүүнэн хааччыйаллар. Социальнай координатордар үөскээбит боппуруостары быһаарарга көмөлөһөн инбэлииттэр дьиэлэригэр сылдьаллар. Сыл саҕаланыаҕыттан 700 курдук итинник көмө-өйөбүл оҥоһуллубут.

Пуонда филиала социальнай өйөбүл боппуруостарыгар психологическай уонна босхо юридическай көмөнү оҥорор. Ону таһынан, эминэн-томунан хааччыйыыга, мэдиссиинэ тэриллэринэн, чөлгө түһэргэ көмөлөһөр тэхиньиичэскэй тэриллэринэн, федеральнай испииһэккэ киирбэтэх протезтарынан уонна протез-ортопедическай тэриллэринэн хааччыллалларыгар көмөлөһөр. Ону сэргэ, инбэлииттээх бэтэрээннэргэ олорор дьиэлэригэр адаптацияланалларыгар үлэ ыытыллар.

Пуонда филиалыгар Дьокуускайга социальнай координатордар уонна СӨ СФР, МФЦ отделениеларыттан, СӨ үлэ министиэристибэтиттэн, СӨ доруобуйа харыстабылын, СӨ үөрэх министиэристибэлэриттэн, СӨ дьарыктаах буолуу кэмитиэтиттэн күн ахсын үлэлииллэр.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: