Ил Дархан Айсен Николаев «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда эрэгийиэннээҕи филиала төһө бэлэмин бэрэбиэркэлээтэ.
Айсен Николаев бүгүн Дьокуускай куоракка үлэ-хамнас хаамыытын билсэригэр, «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын өйүүр судаарыстыбаннай пуонда эрэгийиэннээҕи филиал төһө бэлэмин көрдө. Отделение Дьокуускайга Ойуунускай уулуссатыгар баар.
Айсен Николаев социальнай сулууспа сүрүннээччилэрин, сэһэргэһэргэ анаммыт хосторун, бибилэтиэкэни, аактабай сааланы көрдө.
Манна социальнай координатордар, «Мин докумуоннарым» элбэх хайысханы толорор киин бэрэстэбиитэллэрэ, медико-социальнай эспэртиисэ исписэлиистэрэ, социальнай сулууспа сотрудниктара үлэлиэхтэрэ диэн иһитиннэриигэ этиллэр.
«Бэс ыйын 1 күнүттэн манна байыаннай эпэрээссийэ бары кыттыылаахтарыгар көмөнү оҥорор киин буолуохтаах. Саха сиригэр бу пуонда салаата тэриллэн үлэлиирэ, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр оҥоһуллар көмө хайысхатын кэҥэтиини хааччыйыахтаах«, — диэн соругу туруорар Айсен Николаев.
Этиллибитинэн, манна байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ материальнай, социальнай, мэдиссиинэ, психологическай арыаллааһын боппуруостарыгар быһаарыылары ылыахтара.
Эрэгийиэннээҕи салааҕа үлэлииргэ анаан сүүстэн тахса сүрүннээччини үөрэтэри былаанныыллар. Билиҥҥи туругунан номнуо 30 киһи талыллыбыт, итинтэн 19 Дьокуускай куораттан буолара ыйыллар. Сүүмэрдээһини ааспыт кандидаттар Хабаровскайга (РАНХ и ГС) үөрэххэ ыытыллаллар. Кинилэр ыам ыйын ортотуттан үөрэниэхтэрэ диэн этиллэр.
Байыаннай дьайыы хас биирдии кыттыылааҕар сыһыарыллыбыт социальнай сүрүннээччилэр, киниэхэ мэдиссиинэ, уйулҕа, юридическай, чөлгө түһүү, үөрэх, үлэ боппуруостарыгар көмөлөһөллөр.
Эрэгийиэннээҕи пуонда үлэтэ бэс ыйын 1 күнүттэн саҕаланыа.
Санатар буоллахха, «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» судаарыстыбаннай пуонда Арассыыйа бэрэсидьиэнэ В.Путин ыйааҕынан тэриллибитэ.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"] Түмсүүнү оҕо…
Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүкүүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…
Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…
Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…
Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…
2025 сылга өрөспүүбүлбүкэҕэ икки аэропорду саҥардан оҥорууну түмүктүөхтэрэ уонна саҥаны тутуохтара. Ил Дархан Айсен Николаев…