«Аҕа күрэҕэ — 2024» иккис күнэ саҕаланна! (видео)

Share

Бүгүн, муус устар 7 күнүгэр, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар ыытылла турар «Аҕа күрэҕэ — 2024» иккис күнэ ойбон алларыыттан саҕаланна.

Бу күрэскэ Майаттан сылдьар Поповтар кими да тулуппатылар. Ол оннугар Бүлүүттэн кэлбит Ивановтар атын күрэстэргэ инники кирбиигэ сылдьыбыт фаворит хамаанда буоллахтарына, манна кыратык харгыстаннылар, 19 хамаандаттан 9 эрэ буоллулар.

Ойбон алларыытын кэнниттэн өссө биир сыраны барыыр күрэс — саһаан туруоруута саҕаланна. Аҕалар манна мас хайыталлар, уолаттар аҕалара бүтэһик дүлүҥү хайытарын кытта, хардаҕастары саһааннаан бараллар. Манна мутуктаах дүлүҥ түбэһэн улаханнык моһуоктуон сөп. Сорохтор саһааннаан ортолоон эрдэхтэринэ, атыттар тиһэх дүлүҥнэрин кытта «туста» сылдьаллара көһүннэ.

Хаартыскаларга Егор Карпов түһэриилэрэ

Билигин түмүктэр тахса иликтэр эрээри, саһаан туруоруутугар аммалар, сунтаардар бастакылар ортолоругар киирсибиттэрэ сэрэйиллэр. Тута билгэлиир кыах суох, хамаандалар икки бөлөххө арахсан күрэхтэһэллэр. Онтон бириэмэни түмэн тиһэх түмүгү таһаараллар.

Бүтэһик эрэ күрэс хаалла — остуолбаҕа хатаастан тахсыы. Ол кэнниттэн уопсай түмүк тахсан сүрүн бирииһи — 300 тыһыынча солкуобайы ким илдьэ барара биллиэҕэ.

«Аҕа күрэҕэ — 2024» күн күрэскэ бириистэрэ мааны.

Хаартыскалар, видео Егор Карпов.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

5 часов ago