Ньурба оройуонун Акана нэһилиэгин М.Н.Петрова-Тойуктаах Марыына аатынан култуура уонна успуорт киинин дириэктэрэ, байыаннай сулууспалаах төрөппүтэ Агафья Романовна Ноева олохтоохтор байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар биир дойдулаах дьонноругар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөҕө ким да туора турбакка, көхтөөхтүк кытталларын туһунан кэпсээтэ.
— Нэһилиэккэ 314 киһи олорор. Украинаҕа байыаннай эпэрээссийэ саҕаламмытын кэннэ түөрт уолбут, быстах хомуурунан — биир, үс уол — баҕа өттүнэн, сулууспалыы барбыттара.
Байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр эбэтэр төрөппүттэригэр көмөҕө 2022 сыл ахсынньытыгар дьокутааттар уонна баһылык таһаарбыт дьаһалларынан, олохтоох бүддьүөттэн уопсайа 200 тыһыынча солкуобай көрүллүбүтэ. Онон хас биирдии уол дьонугар отторун-мастарын хааччыналларыгар, тиийбэт буоллаҕына, атыылаһалларыгар диэн, 50-нуу тыһыынча солкуобай бэриллибитэ.
2022 сыл бүтүүтэ оскуола кэлэктиибэ биир күннээҕи хамнастарын 100 335 солкуобайы, нэһилиэнньэ 65 тыһыынча солкуобайы, олохтоох дьаһалта 21 тыһыынча солкуобайы улуус байыаннай пуондатыгар киллэрбиттэрэ. 2023 сылга кулууп, дьаһалта, бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ наскы тигэн көмөлөспүттэрэ, оскуолабыт кэлэктиибэ колпачок, наһыылка тикпиттэрэ, оскуола кэлэктиибэ муус устарга биир күннээҕи хамнастарыттан 91 934 солк., кулууп үлэһиттэрэ уон тыһыынча солк. хомуйан туттардылар.
Дьаһалта, оскуола, оҕо саадын үлэһиттэрэ, ыччаттарбыт күүстэрин холбооннор, маскировочнай сеткалары тигэннэр эмиэ Украинаҕа ыытаары бэлэмнииллэр. Байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттардаах ыалларга бу саас нэһилиэк тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ биирдии күн тахсаннар, уокка оттор маһы бэлэмнээн, саһааннаан туруорууга күүстээхтик үлэлээтилэр. Онон биһиги, байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар уолаттардаах дьон, нэһилиэкпит дьаһалтатыгар, бары олохтоохторугар барҕа махталбытын биллэрэбит.
2025 сылга болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…
Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…
Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…
Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…
Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…
Былырыын Саха сиригэр «Земскэй быраас» уонна «Земскэй биэлсэр» бырагыраамаларынан 16 исписэлиис үлэҕэ ыытыллыбыт: 90 быраас…