Аҕалар сүбэлэрэ уол оҕону төрүт үгэскэ уһуйаллар
21.11.2024, 15:01
@suntaar_ulus
Бөлөххө киир:
Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев уонна улуустааҕы Аҕалар сүбэлэрэ уол оҕону төрүт үгэскэ уһуйаллар.
Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев уонна улуустааҕы аҕалар сүбэлэрин бырайыактарынан уол оҕону төрүт үгэскэ уһуйуу быыстала суох барар. Ол курдук, баай барыылаах сэтинньи ыйыгар, ааспыт сырыыга оҕолор Маар Күөлгэ муҥхаҕа сылдьыбыт буоллахтарына, бүгүн Тэҥкэҕэ кэллилэр.
Манна 1-кы нүөмэрдээх оскуолаттан 21 оҕо Тэҥкэ хаһаайыстыбатын базатыгар убаһаны тутан аҕалыыттан саҕалаан астааһыҥҥа тиийэ кыттыһыахтара диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Бастаан утаа, саха сиэринэн алгыс баһын сыалаан, сири-уоту аһатан тэрээһин саҕаланна.
+1
3
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: