Салгыы
Аҕам саастаах дьоммут астына алтыстылар, үөрэ -көтө көрүстүлэр

Аҕам саастаах дьоммут астына алтыстылар, үөрэ -көтө көрүстүлэр

02.10.2022, 15:30
Бөлөххө киир:

Аан  дойду үрдүнэн аҕам саастаах дьоҥҥо анаммыт күҥҥэ алтынньыны быһа быстыбакка барыахтаах кэккэ тэрээһиннэр саҕаланнылар. Нэһилиэкпитигэр аҕам дьоммутугар анаммыт тэрээһиннэр тиһигин быспакка буолаллар.

Алтынньы 1 күнүгэр күнүс 11 чааска «Тускул» КК икки массыына тобус-толору бэтэрээннэри тиэйэн, Хатаспыт устун күүлэйдэтии тэрилиннэ. Бу тэрээһин «Бэйэҥ уулуссаҕын бил» бырайыак чэрчитинэн ыытылынна. Сымнаҕас олбохтоох, сылаас Газель оптуобуска уонна биир омук микрооптуобуһунан Хатаспыт дьонун-сэргэтин аатынан ааттаммыт уулуссаларынан бардыбыт. Нэһилиэккэ киирии бэлиэ сириттэн саҕалаатыбыт. Түөлбэ түөлбэ тус туспа олох, тэлгэһэ тэлгэһэ атын атын көстүү. Киһи үөрэрэ,  олох салҕанарын бэлиэтэ дьиэ акылаатын түһүүтэ, олбуор остуолбаларын  дьааматын хаһааччы, ханаапыкалааччы уо.д.а. Уулуссаҕа оскуолаттан дьиэлээн иһэр оҕолор,  абына-табына да буоллар сүөһүлэр, кыбыылары, олбуордары толору тиэйиллибит урулуоннаах, кэбиһиилээх оттор бааллара сүрэҕи-быары ортотунан киирэр. Нэһилиэк кэҥээбитин-тэнийбитин, дьон-сэргэ олоҕун хаачыстыбата үчүгэйин көрөннөр бэтэрээннэрбит сэргэхсийэ түстүлэр.


»Киэҥ хочо» түөлбэҕэ «Үлэ Кыһыл Знамята» уордьан кавалера, ССРС эргиэнин туйгуна, атыы-тутуу эйгэтигэр кэккэ саҥалыы сонун хамсааһыннары киллэрбит Ф.Е.Константинов  аатынан улуссаҕа анал информационнай аншлаг ыйанна. Тус анал бырайыак буоларын бэлиэтинэн — аншлаг өҥө ураты. Бу түгэҥҥэ, бу күҥҥэ дьоһун киһибит көлүөнэ ситимэ дьонноро, оҕото ХИФУ бэтэрээн преподавателэ Константинов А.Ф, сиэннэрэ Макаров Ф.Г, Чабыева Н.Г уонна аймах-билэ дьонноро Громовтар, Баишевтар, Жирковтар оҕолорун, сиэннэрин кытта бааллар.

Эскурсия дьоно ол кэнниттэн салгыы атын уулуссаларынан оҥоһулла сылдьар суолунан айаннаан нэһилиэкпит устуоруйатын мусуойугар тиийдилэр. Манна П.П.Федороваҕа аналлаах хаартысканан, видеонан, уруһуйунан быыстапкатын көрдүлэр-иһиттилэр. Салгыы сахалыы итии үүттээх чэй иһэ-иһэ ирэ-оро кэпсэттилэр. Чэйдииллэригэр анаан элбэх оҕолоох улахан дьиэ кэргэн ийэтэ Баишева Л. оҥорбут минньигэс тордун кытта олохтоох дьаһалта аатыттан фрукта арааһын сиэтилэр. Дьэ,  ити курдук бэтэрээннэрбит, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор убаастанар дьоммут күһүҥҥү сиппэрэҥ сииктээх, былыттаах курус тыыннаах күнү алтыһыы аламаҕай тыынынан сымнаттылар, көрсүһүү үөрүүтүнэн киэргэттилэр, сэһэн-сэппэн сэргэх эйгэтигэр бигэннилэр.
Тэрээһини Хатас нэһ.олохтоох дьаһалтата (сал.Пермяков Е П), Тускул КК (дириэктэр Чепалов В.А), мусуой сал. Баишев П.А тэрийдилэр. Эскурсия тырааныспарын хааччыйбыт Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар (дир.Слепцов Н.В) уонна элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Колосов Д. барҕа махталбытын тиэрдэбит. Дьиэлэригэр ытык-мааны дьоммутун Хатастааҕы таксомоторнай сулууспалар ( «Эрэл», «Техас», «Алмаз», «103», «Метеор») босхо тириэртилэр.

Наталья Руфова,

Хатас.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: