Аҕам саастаах дьон күннэригэр туох тэрээһиннэр ыытыллыахтарай?
Алтынньы саҥатыгар Аҕам саастаах дьон күннэригэр аналлаах нэдиэлэҕэ олус элбэх тэрээһиннэр ыытыллыахтара.
Ол курдук, Ыччат дьыалаларыгар, социальнай коммуникацияларга министиэристибэ “Көлүөнэлэр ситимнэрэ кытаанах”, “Оскуола этэрээттэриттэн суруктар”, “Махтал тылларын эт” аахсыйалары, “Сэбиэскэй квиз” тэрээһини ыытыаҕа.
Оттон Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ аҕам саастаах дьоҥҥо бэлиэ сирдэринэн “Көмүс күһүн” диэн туурдары тэрийиэҕэ.
Култуура, духуобунай сайдыы министиэристибэтэ норуот маастардарын түмэн, балаҕан ыйын 29 күнүгэр көрсүһүүнү, “Краски осени” быыстапканы оҥордо. Ону тэҥэ, кырдьаҕастар интэринээт-дьиэлэригэр, пансионаттарга баран, кинигэ быыстапкаларын тэрийэн, көрсүһүүлэри оҥруохтара.
Емельян Ярославскай аатынан мусуой алтынньы 1 күнүгэр аҕам саастаах дьоҥҥо Аһаҕас аан күнүн ыытан, босхо экскурсияларга сырытыннарыахтара, маастар-кылаастарга дьарыктыахтара.
Алтынньы 1 күнүгэр Суорун Омоллоон аатынан Опера, балет тыйаатырыгар классическай симфоническай муусука киэһэтэ буолуоҕа. “Туймаада” вокальнай ансаамбыл алтынньы 6 күнүгэр “Махтаныам дьылҕабар” кэнсиэри бэлэхтиэҕэ.
Үһүс көлүөнэ оскуолатын курсааннара бэйэлэрин күүстэринэн “Мудрость осени” кэнсиэри көрдөрүөхтэрэ, маастар-кылаастары, быыстапкалары тэрийиэхтэрэ.
Алтынньы, сэтинньи ыйдарга көҥүл тустууга, остуол тенниһигэр, волейболга күрэхтэһиилэр ыытыллыахтара.
Алтынньы 1-10 күннэригэр быраастар кыаммат кырдьаҕастарга дьиэлэригэр тиийэн, доруобуйаларын көрүөхтэрэ-истиэхтэрэ, аҕам саастаах дьоҥҥо консультациялары ыытыахтара.
Биэнсийэ пуондатын салаатын үлэһиттэрэ 8-800-600-02-98 нүөмэринэн консультациялары оҥоруохтара.
Дьарыктаах буолуу судаарыстыбаннай кэмитиэтэ биэнсийэҕэ тахсыан иннинэ саастаах дьоҥҥо уонна биэнсийэлээхтэргэ Аһаҕас аан күнүн ыытыаҕа. Кинилэри “Демография” национальнай бырайыак чэрчитинэн хос үөрэнии, үлэни булуу туһунан кэпсиэхтэрэ.
Маннык курдук тэрээһиннэр бары улуустарга эмиэ буолуохтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: