Аҕам саастаах дьоҥҥо оонньуу эйгэтэ тэрилиннэ
Кэбээйи улууһун Мукучу нэһилиэгэр араас тэрээһиннэр көхтөөхтүк ыытыллаллар.
Тохсунньу 23 күнүгэр “Дайан” сынньалаҥ киин үлэһиттэрэ аҕам саастаах дьон иллэҥ кэмнэрин туһалаахтык атааралларыгар анаан, оонньуу эйгэтин тэрийдилэр. Аҕам саастаахтар үөлээннээхтэрин көрсөн үөрдүлэр, бары бииргэ араас оонньуулары оонньоон сэргэхсийдилэр. Кэлэр ыйдарга буолар тэрээһиннэри истэн үөрдүлэр, көхтөөх кыттыыны ылыахпыт диэтилэр.
Бу да сырыыга эдэрдии эрчими ыһыктыбакка, эти-хааны эрчийэр оонньууларга харса суох бары боруобаланнылар.
Саҥа Корнхол диэн оонньууну билсэн, боруобалаан көрдүлэр. Бэртээхэй оонньуу эбит диэн астыннылар, кэлин күрэх быһыытынан мэлдьи оонньуохха наада диэн этии киллэрдилэр.
Тэрээһиҥҥэ кыттыбыт дьоммутугар бука барыларыгар минньигэс сакалааты бэлэхтээтибит, уопсай хаартыскаҕа түстүбүт.
Аны тохсунньу 31 күнүгэр ыаллыы сытар Мастаах, Баҕадьа сэлиэнньэлэрин аҕам саастаахтарын кытта «Кэрэни кэрэхсээн, үтүөнү үксэтэн» көрсүһүү тэрээһинигэр бэлэмнэнэр санаалаах тарҕастылар.
Төһө да саас ыллар дьиэҕэ олорон хаалбакка, кэрэтик кырдьыы ис кистэлэҥин арыйан, сэргэхтик туттан-хаптан, олоххо көхтөөх буолуҥ, мэлдьи үөрэ-көтө сылдьыҥ күндү дьоммут!
Вера Прокопьева
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: