Салгыы
Аҕам саастаах дьону көҕүлүүр тэрээһиҥҥэ ыҥыраллар

Аҕам саастаах дьону көҕүлүүр тэрээһиҥҥэ ыҥыраллар

03.10.2023, 17:02
Хаартыска -- СИА
Бөлөххө киир:

Аҕам саастаах дьон күннэрин чэрчитинэн ыытыллар дэкээдэнэн өрөспүүбүлүкэ куораттарыгар уонна улуустарыгар араас тэрээһиннэр буола тураллар.

СӨ Социальнай көмүскэл «Победа» ресурснай киинэ иһитиннэрбитинэн, алтынньы 5 күнүгэр күнүс 14.00 чааска Курашова уулуссатын 24 нүөмэрдээх дьиэтигэр, Уопсастыбаннай киин 6-с мэндиэмэнигэр баар конференц-саалаҕа “Дьылҕам аргыһынан буолбут үлүһүйүүм” диэн интэриэһинэй дьылҕалаах дьону кытта көрсүһүү тэриллиэҕэ. Ол курдук, манна кэлбит дьон учуонай уонна профессор киһини, норуот маастарын, олимпийскай чөмпүйүөнү кытта, йоганан дьарыктанааччы эр киһилиин, сааһа биллибэт кэрэ куолуун көрсүөхтэрэ, санаа атастаһыахтара.

Хаартыска -- Вера Яковлева тиксэриитэ

Маны тэҥэ, бу тэрээһиҥҥэ кэлбит дьон “Көхтөөх сааһырыы” аахсыйаҕа кыттан, йоганан дьарыктаныыга, ырыа ыллыырга, аныгы үҥкүүгэ дьарыкка, дуобакка, хомуска онньуурга, уо.д.а. олус интэриэһинэй, кэрэхсэбиллээх дьарыктарга суруттарыахтара.

Бу күнү бэлиэтэн кэбиһиҥ уонна көхтөөх кыттыыны ылыҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -22°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: