Аҕам саастаахтар бэстибээллэрэ ыытыллыаҕа
Алтынньы 1 күнүгэр Дьокуускайга аҕам саастаахтарга анаммыт «Көхтөөх уһун үйэлэнии» диэн бэстибээл буолуоҕа.
Бу күн сарсыарда 10 чаастан П.Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар маастар-кылаастар, сэминээр, исписэлиистэр сүбэлэрэ-амалара, атыы-эргиэн дьаарбаҥката, хаартыска быыстапката, улахан кэнсиэр, култуурунай-сынньатар бырагыраама, о.д.а. буолуохтара.
Бэстибээл Аан дойдутааҕы аҕам саастаахтар күннэригэр ананар. Манна дьахталлар 55, эр дьон 60 саастарыттан сылдьыахтарын сөп. Үөлээннээхтэри кытта билсии-көрсүү, ирэ-хоро кэпсэтии, хаартыскаҕа хатаныы, сэргэхсийии, саҥаны билии, туһалаахха үөрэнии манна күүтэр.
Онон эрдэттэн күҥҥүтүн былааннаан, атастаргытын ыҥыртаан, үөрэ-көтө бу умнуллубат күнү атаараргытыгар баҕарабыт. Көмүс күһүҥҥэ көмүс саастаахтар бэстибээллэрэ ыҥырар!
Көхтөөх буолуу — уһун үйэлэнии мэктиэтэ!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: