Аҕам саастаахтар хордара сүүрбэ сылын туолла

Аҕам саастаахтар хордара сүүрбэ сылын туолла

Ааптар:
19.05.2024, 17:00
Хор кэлэктиибэ. Хаартыскаҕа Николай Никифоров түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Таатта улууһугар Ытык Күөлгэ быйыл аҕам саастаахтар хордарын тэриммиттэрэ 20 сылын туолла. Таатта норуодунай тыйаатырыгар улахан кэнсиэр оңордулар.

Хорга араас идэлээх дьон  ыллыыллар, дьахтар ѳттѳ баһыйар. Ол эрээри эр дьон күүстээх куоластара хору тупсарар. Кэнсиэргэ хорунан ырыа эрэ буолбакка, биирдилээн ырыа, үңкүүһүттэр, хомусчуттар бэйэлэрин талааннарын кѳрдѳрдүлэр. Араас сылларга хору байаанынан доҕуҺуоллаабыт баянистар, хормейстердар, кыра кылаас үѳрэнээччилэрин хордара кыттыстылар. Онон кэнсиэртээн, нам-нум буолбуттарын кэнниттэн, хор кыттыылаахтарыттан Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылларыгар анаан кэс тылларын тирдэллэригэр кѳрдѳстүм. Салгыы кэпсэтиини ааҕыаҕын.

Ырыа — олох аргыһа

Карл, Люция Христофоровтар:

—Мин кэргэмминээн 1974 сылтан билсэн, ыал буолан, иккиэн «хоровой» диэн ырыа түһүлгэтигэр киирэн ыллаабыппыт хайыы үйэ биэс уон сыл буолбут. Ытык Күѳлгэ оройуоннааҕы култуура дьиэтигэр музыкальнай салайааччынан үлэлиир кэммэр, Марфа Иннокентьевна Иванова тэрийбит хоругар концертмейстерынан үлэлэспитим. Дьэ, мантан ыла хоровой ырыа мин дууҺабын туппута, култуура эйгэтигэр үлэбэр суолдьут буолбута. 1980-1995 сылларга Уус Таатта кулуубугар дириэетэринэн үлэлиир кэмнэрбэр тэрийсибит хорбут сайдарыгар күүспүтүн-күдэхпитин, санаабытын ууран үлэлээммит, элбэх ырыаны толорон «норуоднай хор» аатын ыларын ситиспиппит, хорга тыа үлэһит дьоно астына ыллыыра. Онтон кэлин, 2004 сылтан, Ытык Күѳлгэ иккиэн сүбэлэһэн аҕа саастаахтар хордарын тэрийбиппит, баччаҕа диэри салайабыт, ылыыбыт, Карл Иванович байаана  доҕуҺуоллуур, ырыаларбытын чочуйар. Хорунан ырыаны толоруу — искусство биир үрдүкү жанра Тааттабытыгар сайдарыгар укпут кылааппытыттан киэн туттабыт, дьиэ кэргэн бигэ туруктааҕар биир санаалаах буолуу суолталааҕын тиэрдэбит.

Аймаҕынан ыллыыбыт

Зинаида Охлопкова, Роберт Неустроев:

Ийэбит Соловьева Анна Николаевна кѳҕүлээн, тоҕус оҕото бары ылыыбыт. Аҕабытынан Неустроевтар аймах  дьиэ кэргэнинэн хору толорууга утумнаахтык кыттабыт, аймаҕынан ыллыыбыт. Хас биирдии дьиэ кэргэн ырыаҕа оҕолорун уһуйаллар, кэрэ эйгэни сэҥээрэллэр. Бары кэриэтэ Уус Таатта норуодунай хоругар ылаабыппыт, билигин да сыдьааннарбыт ыллыыллар. Кэлин Ытык Күѳлгэ  үксүбүт олохсуйан, аны, манна хоровой ырыа сайдыытыгар кыттыһабыт, аҕам саастаахтар хордарыгар уонча буолан ыллыыбыт. 2018 сыллаахха  Ытык Күѳлгэ ыытыллыбыт “Битва хоров»  көрүүгэ аймаҕынан хор тэринэммит, кыттан  Гран-при  хаһаайыттара буолан, ырыа аргыстаах олохпутугар биир бэлиэ түгэн тосхойбута, барыбытын астыннарбыта, нэһилиэк олохтоохторун биһирэбиллэрин ылбыппыт.

Аймаҕынан куолаан оҕону иитиигэ, түмсүүлээх буолууну эмиэ хор түстэһэр дии саныыбыт. Билигин ыччаттарбыт айа-тута сылдьаллар. Педагогтар, эмчиттэр, инженердэр, суоппардар уонна юристар династияларын тэнитэллэр, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр олохпут  бигэ тыллара  “Бары ыллыахха, бары туойуохха, бииргэ буолуохха! Ырыа – олох аргыһа!” диэн, онуоха бу тыллар тѳһүү буолаллар.

Аҕам саастаахтар уонна үлэ бэтэрээннэрин хордара ырыа араас кѳрүҥүн ыллыыбыт, гастролларга сылдьабыт, эдэр кѳлүѳнэни тардабыт, угуйабыт. Хорбут сынньалаңмытын атаарарбытыгар  туһалаах. Ырыа киһини сынньатар, дуоһутар.

КиҺи ыллан дууһалыын ырааҺырар, чэпчиир

Наталия Осипова:

—Мин кырабыттан ырыаны кэрэхсиибин. Оҕо сылдьан дьиэҕэ ыалдьыттарга бары кэнсиэрдиир буоларбыт. Маңнайгы хамнаспынан пластинка, проигрыватель суруйтаран ылан оччотооҕу ырыалары истэрбит, тэңңэ ыллаһарбыт. Устудьуон, кэлин үлэһит буолан баран ырыаны эмиэ олох аргыһа оңостобун. Ыраах айаҥҥа, улуус үѳрэҕириитин салайсар кэмнэрбэр командировкаларга эмиэ ырыа ыллаан уһун суоллары билбэккэ хаалар буоларбыт.

Үѳрэх, үлэ кэмнэригэр бэрт элбэх бэстибээллэргэ хорга, ансамбылларга ыллаан ситиһиилэр бааллар. Кэлин бочуоттаах сынньалаҥҥа барыы кэмэ кэлэригэр дьарыктаах буолуохха диэн, Ытык Күѳл нэһилиэгин аҕам саастаахтарын хордарыгар киирэн ылласпытым уонча сыл буолла. Хорга ыллыыр олус үчүгэй, киһи ырыа ыллаатаҕына дууһата арыллар, күүһэ-уоҕа эбиллэр, доруобуйаҥ тупсар, баттыы сылдьар санааҥ чэпчиир, куруук үѳрэ-кѳтѳ сылдьаҕын. Хорбутунан конкурстарга кыттан ситиһиилэнэбит, саңа сирдэри кѳрдүбүт, хор искусствотын сыаналааччылар үрдүк сыанабылларын ылабыт. Биһиги хорбут улууспутугар бу кѳрүҥ сайдарыгар холобур буолла. Ол курдук оскуолаларынан, тэрилтэлэринэн хордар, ырыа ансаамбыллара дэлэйдик тэриллиннилэр.  Инникитин да бары маннык тутуспутунан сылдьан, норуодунай ааты ыларга эрэллээхтик айаннаан иһиэҕин !

Хорга ыллаан дьону кытта алтыһабыт

Лидия Григорьева:

—Дьохсоҕон орто оскуолатыгар учууталлыыр кэмнэрбэр бэстибээллэр, тэрээһиннэр, кэнсиэрдэр сценарийдарын суруйарым, үѳрэнээччилэри дорҕоонноохтук хоһоон ааҕарга, үңкүүлүүргэ дьарыктаан, сыанаҕа тахсарга бэлэмниирим. Кэлин түѳрт уонча сыл олорбут сирбиттэн Ытык Күѳлгэ кѳһѳн кэлэн, 2013 с. кѳхтѳѳх дьоннордоох хорга сылдьарбыттан дуоһуйабын. Сатаан ыллыыр, сѳпкѳ тыынар сатабылларым сайдыыларыгар хор салайааччыларыгар махтанабын. П.А.Ойуунускай төрөөбүтэ 120 сылын кѳрсѳ   Чѳркѳѳх, Дьохсоҕон, Ытык Күѳл бэтэрэннэрин кѳрсүһүү сценарийын суруйан, салайааччыбытыттан К.И.Христофоровтан «бэйэбит сценаристаммыппыт» диэн хайҕанан турабын.  Хорга сылдьарым таһынан «Алдаана» үңкүү бѳлѳҕѳр үңкүүлүүбүн, онон айымньылаах айар-тутар ыырым кэҥээн, бэл диэтэр Таатта норуодунай тыйаатырын режиссера Валентина Бурнашевалыын П.А.Ойуунускай 130 сылыгар «Мин дьоллоохпун» испэктээк турда. Алтыһар дьонноох-сэргэлээх астык, ырыа киһини кынаттыыр.

Хор иһинэн араас бѳлѳхтѳр бааллар, онтон биирдэрэ хомусчуттар ансамбыллара

Варвара Тихонова:

— Мин 1960-с сыллартан уус-уран самодеятельностка кыттан Лука Николаевич Турнин хомуһугар, сээдьэтигэр үөрэнэр этим. Оччоттон ыллыырбын сөбүлүүр буоламмын, билигин да ЫтыкКүөл аҕам саастаахтарын хордарыгар кыттабын. 2004 сыллаахха тэриллибит хор састаабыгар араас дьарыктаах бөлөхтөр бааллар,  ол иҺигэр хомусчуттар бөлөхтөрө.  Бу хомус ансаамбыла хомуһу тардыыга Гиннес рекордун олохтоспута, аан дойдутааҕы кэнгириэстэр, араас таһымнаах тэрээһиннэр, ыһыахтар кыттыылаахтара, кыайыылаахтара. Билигин Л.Н. Турнин аатынан “Алгыс” хомус ансаамбылыгар сүрүннээн хорга ыллыыр тоҕус киһи баарбыт. Хомуска тардыы араас ньымаларыттан сыыйа тардыыны ордорон эрчиллэбит, утумнаахтык дьарыктанабыт, араас кэнсиэрдэргэ оонньуубут, күрэстэргэ кыттабыт.  Эдэр ыччат дьон сѳбүлүүр дьарыктаах буолуҥ!

Үүнэ-сайда турдун

Хор дирижера ырыа дьүрүһүйэн тахсарын мэктиэлиир. Бастакы дирижер Мария Матаннанова:

—2004 с. Христофоров К.И. салайааччылаах Тааттынскай нэhилиэк хорун кэлэктиибигэр дирижерунан сылдьыбытым. Бу сылтан саҕалаан араас өрүттээх самодеятельнай кэлэктииптэр сайдан барбыттара. Оччолорго сельхозтехникаҕа, промкомбинатка, «Кэнчээри», «Чуораанчык», «Березка» уһуйааннарга, оскуолаларга уонна дьоҕус тэрилтэлэргэ дирижер – хоровик буоларым быhыытынан салайааччыбытын Христофоров К.И. кытта куоласка арааран араас ырыалары үөрэтэрбит. Карл Ивановичтыын үөрэтэ бардахпытына хас кэлэктиип аайы сөпкө ыллыыларыгар эрчиллиилэри оҥорорбут, куоласка араарарбыт. Араас куонкурустар, бэстибээллэр, биэчэрдэр быыстала суох ыытыллар этилэр, билигин да буолаллар.  Дирижер үлэтэ уустук эрээри, туһугар интэриэһинэй, ырыаны куоласка араарыы, куоластарын эрчийии уонна түмүгэр биир кэрэ дорҕоонноох ырыаны таҺаараҕын. Сүрэх баҕатынан, саастаах дьону ытыктаан, олус үчүгэйдик сыстан самодеятельнай кэлэктиипкэ үлэлээбиппин истиҥник саныыбын.

К.И. Христофоров салайар хоругар 20 сыл дирижер быhыытынан сырыттым. Ырыа — олох аргыһа. Мин бэйэм эрэ буолбакка, оҕолорум, сиэннэрим ырыаһыттар, ыллыылларын сѳбүлүүллэр. Бэйэм 1973 сыллаахха культпросвет училищены үөрэнэн бүтэрэн, дирижер-хоровик  идэбинэн, Дьокуускайга Н.Островскай аатынан кулуупка сэбиэдиссэйдээбитим, салгыы дойдубар Тааттаҕа идэбинэн үлэлээтим. Онон эдэр дьон идэҕитин эрдэттэн таптааҥ, сѳбүлүүргүтүн талыҥ. Оччоҕо үлэҕит да, олоххут да таһаарыылаах буолуоҕа. Хор кэлэктиибэ өссө да үүнэ-сайда турдун !

Хор сайдыытыгар кыттыһарбытыттан астынабыт

Лина Аржакова, дирижер, Ытык Күѳллээҕи «Чуораанчык» оҕону сайыннарар киин музыкальнвй салайааччыта:

—Мин аҕам саастаахтар хордарыгар 2017 сылтан Карл Иванович Христофоров уонна Мария Дмитриевна Матаннанова  көмөлөһөөччүлэрин быһыытынан, хоровой искусствоҕа ыкса сыстыбытым. Өссө төрүт оҕо сыльдан, тэлэбиисэргэ дирижердары  көрө-көрө, тырыыҥка маһын илиибэр тутан үтүктэр этим. Ол баҕа санаам туолбутуттан наһаа астынабын уонна Карл Ивановичка махтаныам этэ, кини таба көрөн хоругар ыҥырбытыгар. Хорбут кыттылаахтарын көрөн киһи сөҕөр уонна астынар, хайдах курдук кинилэр үөрэ-көтө, бэриниилээхтик ыллыылларын, хоровой ырыа улууска сайдыытыгар кылааттарын  угалларын!

Сардана Сивцева, оҕо хорун тэрийээччи,  музыка  учуутала:

—Дьокууйскайдааҕы М.Н.Жирков аатынан музыка кэллиэһин бүтэриэхпиттэн куруук оҕо аймахха хоровой искусствоны үѳрэтиинэн, сайыннарыынан-тарҕатыынан үлэлиибин. Аҕам саастаахтар хордарын кытта 2016 с. кинилэр ыңырыыларын ылынан алтыһабын, кѳмѳлѳһѳбүн. Бу хор оҕолорго маастар кылаас биэрэр, холбоһуктаах хорунан ыллыыллара тэриллэр, онон биһиги кинилэринэн куруук киэн туттабыт. Аҕам саастаахтар хордара  үлэлэрин кѳрдѳрѳр үбүлүѳйдээх кэнсиэрдэригэр оҕолору ыҥыран ылаппыттара биир долгутулаах түгэни үѳскэттэ да, астыннарда.

Күндү  кэллиэгэлэрим Карл Иванович, Мария Дмитриевна, Акулина Владимировна, хор кыттыылаахтара, ытык дьоммут. Эһигини 20 сыллаах үбүлүѳйгүтүнэн ѳссѳ тѳгүл эҕэрдэлиибин ! Эдэр ыччакка, үүнэр кѳлүѳнэҕэ күргүѳмүнэн ыллыыр эйгэ кэрэтин бигэргэтэ, кѳрѳдѳрѳ-иһитиннэрэ сылдьыҥ!

Ити курдук Таатта улууҺун Ытык Күѳлүн сэлиэнньэтин биир тутаах түмсүүтэ, аҕам саастаахтар хордара тигинэччи үлэлиир, үтүѳ холобур буолар. Хорунан ыллыыр бигэ туруктанарга көмөлөһөр уонна өссө уйулҕаны эмтиир аналлаах. Ылааҥ уонна дьоллоох буолуҥ !

Александра Прудецкая,

хор кыттыылааҕа, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн,

Ытык Күөл, Таатта

Хаартыскаҕа Николай Никифоров түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: